Дьокуускайга "Нам" суолун өрөмүөнэ алтынньы ыйга түмүктэниэхтээх

108

Дьокуускайга суол-иис өрөмүөнүн, оҥоһуутун үлэлэрэ көхтөөхтүк ыытылла тураллар. Быйыл киин куоракка "Куттала суох хаачыстыбалаах айан суоллара" национальнай бырайыак чэрчитинэн уопсайа 30-тан тахса килэмиэтир суол өрөмүөннэниэхтээх.

Үлэһиттэр этэллэринэн, үлэ болдьохтон хойутаабакка кэмигэр баран иһэр. Күн өрүүр диэни билбэккэ, тупсаҕай суол дьону-сэргэни үөрдэрин туһугар бары күүһү ууран туран дьаныардаахтык үлэлииллэр.

Билигин аспаал кутуутун үлэлэрэ Намныыр суол 10-с килэмиэтиригэр тиийдэ. Кутуу 60% номнуо оҥоһулунна. Онтон алтынньы ыйга туох баар үлэлэр түмүктэнэннэр эбийиэк туттарыллыахтаах. Билиҥҥи туругунан болдьохтон хойутааһын бэлиэтэммэт.

Василий Беленков, суол маастара: «2,5 км аспаал ууруллан сытар уонна өссө 400м хаалан сытар. Аспаал ууруута хаалла уонна тротуардарбыт».

Оттон аттынааҕы Можайскай аатынан уулуссаҕа аспаал кутуутугар киирээри сирдэрин көрөллөр. Билигин тустаах үлэһиттэр суол кутуллуохтаах олбоҕун бэрэбиэркэлииллэр, сирдэрин кээмэйдииллэр. Көҥүл бэрилиннэ да тутатына саҥа аспаалы куппутунан барыахтара.

Владимир Кулаковскай, үлэни хонтуруоллуур тэрилтэ сүрүн исписэлииһэ: «Суолбут пучиналаах, суоҕа буолар бүтэрбиппит ырааппыт буолуо этэ».

Киин куорат уулуссаларыгар үлэ бөҕө бара турарын көрөн дьон сэргэ үөрүүтэ үгүс. Үлэлэр бүтүннүү түмүктэнэллэрин долгуйа күүтэллэр, суолу кытта олох усулуобуйата эмиэ тупсуоҕа диэн бигэ эрэллээхтэр.

Быйыл Дьокуускай куоракка уопсайа отучча кэриҥэ суолу өрөмүөннүөхтэрэ. Барыта 32 кэриҥэ килэмиэтир усталаах суол оҥоһулла сылдьар. Маныаха ааспыт сылтан ылата ыытыллар эбийиэктэргэ үлэлэр салҕанан бара тураллар.

Анатолий Потапов, СӨ транспорт миниистирин бастакы солбуйааччы: «Быйыл “Куттала суох хаачыстыбалаах айан суоллара” нацбырайыак чэрчитинэн биһиги 175,6 км чөлүгэр түһэриэхтээхпит. Ол иһигэр 144,3 км эрэгийиэннээҕи суолларга уонна 31,3 км Дьокуускай куорат суолун-ииһин оҥоруутугар үлэни ыыта турабыт».

Суолу саҥардыы үлэлэрэ киин куоракка эрэ буолбакка Амма, Мэҥэ-Хаҥалас, Уус Алдан, Таатта, Мииринэй, Бүлүү улуустарыгар эмиэ бараллар. Кэлэр сылларга үлэ тэтимин ыһыктыбакка эмиэ улахан үлэлэр былааҥҥа бааллар.