Таатта улууһун биир бастыҥ эдэр ыала Шестаковтар
Главное
-
26 ноября в 15:05В Якутию с рабочим визитом прибыла руководитель комитета семей воинов Отечества Юлия Белехова
-
26 ноября в 14:37Соболь, песец и лисица. Звероводческие хозяйства Якутии наращивают производство пушнины
-
26 ноября в 14:1015 тысяч кубов снега вывезено из Якутска на специальный полигон
-
26 ноября в 13:08Более 30 тысяч обращений жителей Якутии принято филиалом госфонда "Защитники Отечества"
Куукуна хоско ыал ийэтэ Анна уонна ыал аҕата Иннокентий бэйэлэрин оҕуруоттарыгар көрөн-истэн улаатыннарбыт үүнээйилэринэн сайыҥҥылыы салаат оҥороллор. Сотору кэминэн оҕолору сандалы остуолга ыҥыран, Шестаковтар эдэр ыалга эбиэт кэмэ саҕаланыа. Биһиги устар бөлөхпут Таатта улууһун биир бастыҥ эдэр дьиэ кэргэнигэр ыалдьыттаатыбыт.
Иннокентий Шестаков, ыал аҕа баһылыга: «2012 сылга ыал буолбуппут. Бастакы кыыспыт 2012 сыллаахха күн сирин көрбүтэ онтон 2015 сыллаахха уолбут күн сирин көрбүтэ».
Чөл олоҕу, спорду өрө туппут, ыал кэрэ аҥардара ииһинэн, ас астааһынынан, дьэрэкээн сибэккилэри олордуунан, уҥкүүнэн-ырыанан үлүһүйэр эбит буоллахарына, күүстээх аҥардар айылҕалыын алтыһалларын, бултунан, тустуунан, эмиэ ыллыылларын-үҥкүүлүүллэрин сөбүлүүллэр. Хайа да өттүттэн талааннаах ыалы, оҕону иитиигэ улахан болҕомтолорун уурар дьиэ кэргэн, чахчы даҕаны улуус бастыҥ ыала ааттанналларынан ааттаммыттар. Маныаха уопсастыбынай олоххо эмиэ көхтөөхтүк кытталлар.
Анна Шестакова, ыал ийэтэ: «Ол бу араас күрэхтэһиигэ кыттабыт. Мин “Сулусчаан” уһуйааҥҥа кырачаан оҕолору минньигэс аһынан күндүлүүбүн. Ыалбыт аҕата спорт инструкторынан үлэлиир».
Бу курдук ыал ийэлээх аҕата үлэлэрин кытары үөрэхтэрин дьүөрэлиллэр. Оҕолор эмиэ Ытык Күөл орто оскуолатыгар ситиһиилээхтик үөрэнэллэр. Ыал ийэтэ Анна иистэнэрин туохтааҕар да ордорор эбит Билигин кинилэр дьиэлэригэр биир бүтүн дьиэ кэргэн коллекцията баар.
Анна Шестакова, ыал ийэтэ: «2020 сыллаахха күрэххэ кыттарга тикпитим уонна онно бастаабыппыт».
Бу курдук төһө да эдэр ыал буолаллар, номнуо дьиэлэрин иһигэр бэйэлэрэ туспа үгэстээх, сиэрдээх-туомнаах Шестаковтар ыал быр-бааччы олороллор. Таатталарын аатын ааттатталлар.
Иннокентий Шестаков, ыал аҕа баһылыга: «Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин бу сылы Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ Онтон биһи Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев Оҕо сылынан биллэрбитэ. Онон биһи Таатта улууһун бастыҥ дьиэ кэргэнэ эдэр ыалларга дьолу-соргуну баҕарыа этибит».
Оттон билигин Шестаковтар дьиэ кэргэн, күргүөмүнэн айылҕаҕа тахсан, сир астаан-бултаан, кыһыҥҥа бэлэмнэнэн саҕалыыллар.