Саха сиригэр маҥнайгытын "Өбүгэ суолунан" туристическай тэрээһин буолан ааста
Главное
-
26 ноября в 15:05В Якутию с рабочим визитом прибыла руководитель комитета семей воинов Отечества Юлия Белехова
-
26 ноября в 14:37Соболь, песец и лисица. Звероводческие хозяйства Якутии наращивают производство пушнины
-
26 ноября в 14:1015 тысяч кубов снега вывезено из Якутска на специальный полигон
-
26 ноября в 13:08Более 30 тысяч обращений жителей Якутии принято филиалом госфонда "Защитники Отечества"
Күүс-уох, сатабыл, хамаандаҕа үлэ уонна да атын хаачыстыбалары эрэйэр күрэх үгэннээн турар. "Өбүгэлэр суолларынан" тэрээһин уопсайа 50 кыттааччыны түмтэ.
Биир чаҕылхай түһүмэҕинэн спортивнай туризм буолла. Манна кыттааччылар атахтарын сүһүөҕэ төһө уйарынан сүүрдүлэр-көттүлэр, араас тургутуулары аастылар. Айылҕаҕа сынньалаҥы уонна успуорду дьүөрэлээтилэр.
Кыттааччылар оҕо сааспытыгар түһэн ылбыкка дылы буоллубут диэн санааларын үллэһиннилэр. Өссө да бу курдук тэрээһин салгыы ытылыннаҕына хайаан да кыттыыны ылыахпыт диэн түмүккэ кэллилэр.
Ньургун Стручков, кыттааччы: «Санаабар өссө үчүгэйдик ааһыахпын сөп этэ. Бастакы хамаанда буоламмын үчүгэйдик түмүктээри ыксаатыбыт уонна охтон ыстыраап бааллары ыллыбыт».
Күрэх өссө биир сүрүн түһүмэҕинэн ас астааһын буолла. Манна ким сатаан түргэнник уот отторун, чэй өрөрүн көрөллөр. Уонна саамай сүрүн сыалларынан хамаандаларыгар баар дьону барыларын минньигэс уонна иҥэмтиэлээх аһынан тоторуохтаахтар. Кыттааччылар этэллэринэн 10 киһини, эбиитин өссө айылҕаҕа сылдьан, аһынан хааччыйар сүрдээх уустук уонна эппиэтинэстээх.
Сахаайа Самойлова, кыттааччы: «Билигин биһи хайдах ас буһарарбытыттан хамаандабыт аһыыра тутулуктаах. Уон киһиэхэ ас астыахпытын наада».
Хас биирдии киһи айылҕалыын ситимин быһара сатаммат, араас уустук усулуобуйаларга куруук бэлэм буолуохтаах. Маннык тэрээһиннэр ыксаллаах түгэннэргэ бэлэмнииллэр.
Игорь Юргин, Арассыыйа дьоруойа: «Самая главная цель – выйти из рутины, своей повседневной деятельности, расслабиться, зарядиться энергией, получить навыки выживания. Желаю участникам, чтобы эти навыки никогда в жизни не понадобились, но знать это важно».
Чөл олоҕу тутуһарга көҕүлүүр, эти-сиини сайыннарар, өйү-санааны сааһылыыр тэрээһин биир сүрүн сыалынан араас хайысхаларынан үлэлии-хамсыы сылдьар ыччаты биир тэтимҥэ киллэрэн түмүү буолар. Тэрээһин "Үөрэҕэрии" национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар.
Ирина Фёдорова, тэрийээччи: «Эдэр ыччаттар атын-атын үлэҕэ үлэлииллэр. Түмэр сыаллаахпыт, патриотическай итии уонна ыарахан усулуобуйаҕа сыалларын ситиһэллэригэр. Бастакыбытын ыыттыбыт, ол иһин кыттааччыларбытын аҕыйаттыбыт – 50 киһи. Онтон эһиил элбэх эдэр ыччаты түмээри гынабыт».
Бу курдук "Өбүгэлэр суолларынан" туристическай тэрээһин үгэскэ кубулуйан сыллата ыыттыллыаҕа диэн тэрийээччилэр уонна кыттааччылар ыра санаалаахтар.