Саха сиригэр дьон ойуурга сүтэр түбэлтэлэрэ тахса тураллар

86

Хомойуох иһин, дьон ойуурга баран мунар, сүтэр түбэлтэлэрэ тахса тураллар. Сир асчыттар, тэллэйдьиттэр, булчуттар, туристар бары быраабыланы тутуһан сылдьаргытыгар ыҥырабыт. Быыһааччылар кэлиэхтэригэр диэри муммут сиргиттэн сыҕарыйбаккыт ордук. Биир сиргэ хаалыҥ эбэтэр уот линиятын, гаас ситимин уонна да атын хайысхалары көрөн, сөпкө тахсарга эрэллээх буоллаххына эрэ инниҥ диэки барыҥ. Салгыы айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтттэн Михаил Догордуров төлөпүөҥҥэ трекер хачайдаан диэн сүбэлиир.