Ил Дархан Дьокуускайга тутулла турар баараҕай эбийиэктэри кэрийэн көрдө
Главное
-
26 ноября в 15:05В Якутию с рабочим визитом прибыла руководитель комитета семей воинов Отечества Юлия Белехова
-
26 ноября в 14:37Соболь, песец и лисица. Звероводческие хозяйства Якутии наращивают производство пушнины
-
26 ноября в 14:1015 тысяч кубов снега вывезено из Якутска на специальный полигон
-
26 ноября в 13:08Более 30 тысяч обращений жителей Якутии принято филиалом госфонда "Защитники Отечества"
Ил Дархан бөдөҥ тутуулары кэрийэн көрүүтүн Арктикатааҕы олоҥхо уонна эпос кииниттэн саҕалаата. Манна үлэ-хамнас тигинэччи бара турар. Ирбэт тоҥ үрдүгэр бу курдук баараҕай култуура киинэ бүтүн аан дойду үрдүгэр маҥнайгытын тутуллар.
Владимир Наханьков, бырайыак дириэктэрэ: «Работы ведутся по кровле, фасадам и по внутренней отделке. Возводим перегородки, стяжки, прокладываем инженерные коммуникации. На сегодня основная задача - завершить работы по устройству теплового контура. Послностью закрыть фасад, кровлю и пустить в объект тепло».
Ол курдук уопсайа 33 тыһ. квадратнай миэтирэ иэннээх дьиэ 2 тыйаатырдаах, араас быыстапкалары уонна да атын тэрээһиннэри ыытарга табыгастаах миэстэлэрдээх буолуохтаах. Билигин үлэһиттэр сүрүн сыалларынан улахан тымныылар түһүөхтэригэр диэри эбийиэк омоонун бүтэрэн ис үлэлэригэр киирии буолар.
Сергей Местников, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы: «Ахсынньы ый түмүктэниэр дылы сүрүн үлэлэрэр бүтүөхтээхтэр. Эһиилги сыл иккис кыбаарталын саҕаланыытыгар бу эбийиэги биһиги түмүктүүр былааннаахпыт. Үлэ маннык тэтимнээхтик бардаҕына болдьоҕугар түмүктэниэҕэ».
Онтон салгыы ДСК түөлбэ 153-с кыбаарталыгар тутулла турар саҥа оскуоланы көрдүлэр. 3 мэндиэмэннээх, уопсайа 17 тыһ. квадратнай миэтирэ иэннээх эбийиэк тутуутун 71% тиийдэ. Туох баар матырыйааллара барыта миэстэтигэр кэлэн турар.
Николай Семёнов, тутуу үлэтин прораба: «Бетон үлэтин бүтэрэн эрэбит, отделка үлэтэ бара турар. Истэнэ кырааската, аан туруоруута, уот тардааһына».
Оскуола саҥа дьиэтэ 540 киһини батарар остолобуойдаах, медицинскэй булуоктаах, 2 успорт саалалаах уонна коворкинг кииннээх буолуохтаах. Төрөппүттэр оҕолорун үөрэх кыһатыгар киллэрэллэригэр сахалыы эбэтэр нууччалыы үөрэх бырагыраамматын талар кыахтаныахтара. Онон оҕо үөрэнэригэр, сайдарыгар сөптөөх усулуобуйа олохтонуо. Киин куорат соҕуруу өттө салгыы сайдарыгар саҥа оскуола бигэ тирэх буолуоҕа.
Айсен Николаев, СӨ Ил Дархана: «Дьокуускай куорат социальнай инфраструктура сайдарыгар улахан болҕомто уурабыт. Ол курдук билигин 11 оскуола дьиэтэ тутулла турар. Бу Саха сиригэр саамай улахан 990 оҕо үөрэниэхтээх оскуолата буолар».
Оскуола дьиэтэ быйылгы сыл 4-с кыбаарталыгар туттарыллыахтаах. Онтон анал бэрэбиэркэлэри ааһан баран кэлэр сыл саҕатыгар үөрэнээччилэргэ ааннарын тэлэччи арыйыаҕа. Эбийиэк "Үөрэҕирии" национальнай бырайыак уонна Дьокуускай маастар былаанын чэрчилэринэн тутуллар.
Ил Дархан - Айсен Николаев үлэһиттэргэ туппут тэтимҥитин ыһыктымаҥ, эбийиэктэр тутууларын үлэлэрэ барыта кэмигэр түмүктэниэхтээхтэр диэн сыал-сорук туруорда.