"Дьонноох буоламмын" диэн ааттаах кинигэ сүрэхтэнэр бэлиэ тэрээһинэ ыытылынна
Главное
-
22 ноября в 14:24В Якутске провели учения по ликвидации разлива нефтепродуктов
-
22 ноября в 14:02Глава Якутии Айсен Николаев выступил в поддержку обращения Президента РФ
-
22 ноября в 13:47Декада Олонхо стартует в Якутии с 25 ноября
-
22 ноября в 13:18Масштабная модернизация электросетей проведена в центральной Якутии
Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга улахан кылааты киллэрбит, үгүс ыччаты үөрэхтээбит, «Аҕа дойду сэриитигэр 1941-1945 сс. килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээл, Гражданскай килбиэн мэтээл хаһаайына, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Мария Егоровна Борисова (Птицына) төрөөбүтэ 100 сылын көрсө, кини сырдык аатыгар анаммыт "Дьонноох буоламмын" диэн ааттаах кинигэ сүрэхтэнэр бэлиэ тэрээһинэ ыытылынна. Кинигэҕэ 1-кы Тыыллыма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Мария Егоровна тус бэйэтэ өр сылларга суруйбут ахтыылара тиһиллэн оҕо сааһа, олоҕо-дьаһаҕа, үлэтэ-хамнаһа сырдатыллыбыт. Бу туһунан кинигэни толорооччу, СӨ үтүөлээх экономиһа Владимир Птицын кэпсиир.