Үөһээ Бүлүүгэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөр пуун үлэлиир

131

Иистэнэр массыына тохтоло суох үлэлиир. Оттон бу Үөһээ Бүлүү улууһун Далбар Хотуттара, аһыныгас, үтүө сүрэхтээх күбэйэлэрэ күн аайы, өрөбүлэ, сынньалаҥа суох анал байыаннай дьайыыга сылдьар эр хоһууттарбытыгар күүс-көмө буолары, улуустарын ааттарыттан байыаннай таҥас-сап тигэллэр. Манна кинилэр абыраллаах тэрили плащ-палаакканы олоххо киллэрэллэр.

Васма Иванова, "Дойдум тыына" волонтерскай хамсааһын салайааччыта: «Матырыйаалбыт фольгалаах буолан дронтан уонна тепловизортан харыстыыр. Кыһын суорҕан курдук сапталлар сылаас буолан. Бастаан 30 устуука ыыпыппыт онтон 43 ыыттыбыт. Уолаттар махталларын ыыталлар».

Васма Иванова бу фольма диэн техническай сыалга туттуллар матырыйаалы бэйэтэ булан, ону быыһыыр сулууспалар тепловизордарын нөҥүө тургутан, чахчы бу матырыйаал итиини тутар, дроннарга, тепловизордарга уолаттары көрдөрбөт диэн быһааран билигин манна тустаах плащтары тохтоло суох тигэллэр. Маны таһынан биллэн туран байыастарбытыгар таҥас-сап.

Наталья Егорова, "Дойдум тыына" волонтерскай хамсааһын иистэнньэҥэ: «Оҕолорбут кэлэн үөрэллэр-көтөллөр. Балаакка анныгар 4-5 буолан киирэбит диэбиттэрэ. Ардах да хоппот, ичигэс. Таҥаспыт баарынан тигэбит, сакаастыыллар».

Бу курдук волонтерскай хамсааһын эбэлэрэ уолаттарбытын мантан араҥаччылыы, харыстыы олороллор. Уолаттар махталлара кинилэргэ - хамнас, үөрүү-дьол.

Васма Иванова, "Дойдум тыына" волонтерскай хамсааһын салайааччыта: «Бастаан 30 устуука ыыпыппыт онтон 43 ыыттыбыт. Уолаттар махталларын ыыталлар».

Бу бэрт соторутааҕыта улуус дьаһалтатын бэрэстэбиитэлэ Михаил Егоров салайыылаах байыаннай дьайыы сиригэр гуманитарнай сырыы оҥоһуллубута. Онно "Дойдум тыына" сыаҕа алгыстаах 45 уонна 20 тактическай рюкзактара Ростов куоракка тиийэн салгыы байыастарга тиийдэ. Итиэннэ бу сырыыга уолаттар Үөһээ Бүлүүтээҕи Троицкай таҥара дьиэтиттэн кириэстэри, иконалары сакаастаабыттарын тириэртилэр.