Дьокуускайга оскуола дьаарбаҥката ыытылла турар
Главное
-
26 ноября в 15:05В Якутию с рабочим визитом прибыла руководитель комитета семей воинов Отечества Юлия Белехова
-
26 ноября в 14:37Соболь, песец и лисица. Звероводческие хозяйства Якутии наращивают производство пушнины
-
26 ноября в 14:1015 тысяч кубов снега вывезено из Якутска на специальный полигон
-
26 ноября в 13:08Более 30 тысяч обращений жителей Якутии принято филиалом госфонда "Защитники Отечества"
Саҥа үөрэх дьыла саҕаланара икки нэдиэлэттэн эрэ ордук кэм хаалла. Төрөппүттэр оҕолорун үөрэххэ бэлэмниир түбүгэр сылдьаллар. Киин куоракка оскуолаҕа бэлэмнэнии сүпсүлгэнэ үүнэн кэлии-барыы тэтимирдэ диэххэ сөп.
Томпо улууһун Кириэс-Халдьаайы нэһилиэгин олохтооҕо Айталина Черноградская 3 оҕолоох. Дьокуускайга орто оҕотугар 7 кылаас үөрэнээччитигэр оскуола форматын көрө кэлбит. Сыананы саҥа билсэ сылдьабын, сыллата үкүсүн интернетынан сакаастаан оскуола тээбиринин ылынабын диэн этэр.
Айталина Черноградская, Томпо улууһун Кириэс-Халдьаайы нэһилиэгин олохтооҕо: «Сүрүнүн сакаастааччым, онно булбатахпыт кэлэн көрө сылдьабын».
Уонунан балаакка кэчигирэн маҕаһыын элбэх, эгэлгэ табаар. Сырыы даҕаны аҕыйаҕа суох, ол эрээри өрөбүл күннэргэ киһи ордук элбиир. Улуустан кэлбит дьон анаан-минээн кэлэр. Онтон куорат олохтоохторо таарыйа киирэн, атыылаһан ааһаллар. Оскуола форматын кыыс, уол оҕоҕо арааһы талыахха сөп. Сорох сыанатынан, сорох хаачыстыбатын көрөн атыылаһар.
Акулина Тобукова, атыыһыт: «Булууһалары ылаллар, спортивнай ыстаан, колготкалары».
Тэрээһиҥҥэ “Оҕоҕун оскуолаҕа бэлэмнээ” диэн сыллата тэриллэр аһымал аахсыйа ыытыллар. Быйылгы сылга манна эргиэмсиктэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар атах таҥаһыттан саҕалаан көстүүмүгэр, үөрэх тээбиринигэр тиийэ көмөлөһөллөр.
Алексей Носов, дьаарбаҥканы тэрийээччи: «У нас проходит акция “Собери ребенка в школу” для детей участников СВО. Мы подготовили 139 рюкзаков».
Маны тэҥэ кыра дохуоттаах кыаммат ыал оҕолоругар анаан эмиэ көмөлөһөллөр. Бу аахсыйаҕа ким баҕалаах кэлэн эмиэ үөрэх табаарын атыылаһан бэйэтин кылаатын киллэриэн сөп. Сыана туһунан этэр буоллахха, сыана оҕо үрдүгүттэн, сааһыттан тутулуктаах, кыра оҕо үрүҥ ырбаахыта биэс мөһөөхтөн, улаатан эрэр оҕоҕо биир тыһыынчаттан саҕаланар. Табаар үксэ Арассыыйа уонна Кыргызстан, Кытай оҥорон таһаарааччыларын киэнэ. Сэлиэччик 2000 тыһ., бүрүүкэлэр икки тыһыынчаттан тахсалар, пиджак үс тыһыынчаттан саҕалаан турар. Оттон тэтэрээт, уруучука сыаната кэккэ маҕаһынарга тэҥинэн. Саамай боростуой уон икки илиистээх тэтэрээт чэпчээбитэ 9 солкуобай. Уруучука сыаната фирматыттан көрөн араастаһар. Рюкзагы икки аҥар тыһыынчатан уонтан тахсаҕа диэри солкуобайга атыылаһыахха сөп.
Надежда Яковлева, кинигэ маҕаһыынын атыыһыта: «Сүрүн ылааччылар кыра кылаастар. Сыанабытын быйыл былырыҥҥынан хааллара сатаатыбыт».
Сыана улахан аҥара табаарга ааспыт сылтан улахан уларыйыыта суох эрээри, кэккэ табаардарга үрдээбитэ көстөр. Дьаарбаҥка балаҕан ыйын саҥатыгар диэри үлэлиэҕэ. Онон саҥа үөрэх дьылын көрсө манна элбэх киһи тоҕуоруһара күүтүллэр.