Дьокуускай пааркатыгар ас-үөл бэстибээлэ ыытылынна
Главное
-
26 ноября в 15:05В Якутию с рабочим визитом прибыла руководитель комитета семей воинов Отечества Юлия Белехова
-
26 ноября в 14:37Соболь, песец и лисица. Звероводческие хозяйства Якутии наращивают производство пушнины
-
26 ноября в 14:1015 тысяч кубов снега вывезено из Якутска на специальный полигон
-
26 ноября в 13:08Более 30 тысяч обращений жителей Якутии принято филиалом госфонда "Защитники Отечества"
Күрэх кыттааччылара төһө сыҥаахтара кыайарынан, куртахтара батарарынан түргэн тэтимнээхтик хот-дог сииллэр. Семён Никифоров этэринэн, маннык күрэххэ кыттыыны ылар сүрдээх интэриһинэй, төһө да кыайбатаҕын иһин дьон-сэргэ, сүрүннээн оҕолор санааларын көтөхтүбүт, үөртүбүт-көтүттүбүт диэн санаатын үллэһиннэ.
Семён Никифоров, Дьокуускай олохтооҕо: «Тэрээһиҥҥэ алҕас кытынным. Үксүн оҕолор үөрэллэр-көтөллөр буоллаҕа».
Кыайыылаахха сыалай хоруопка хот-дог туттардылар, онтукайын оҕолорго түҥэтэн бэлэх оҥордо.
Тэрийээччилэр дьон-сэргэ манна кэлэн бэйэтигэр тугу эрэ саҥаны арыйыа, үөрэн-көтөн бүтүн дьиэ кэргэнинэн кэлэн сынньанан ааһыа диэн бигэ эрэллээхтэр.
Татьяна Тымырова, урбаанньыт, тэрийээччи: «Мы совместно с Городским парком проводим мероприятия, праздник выходного дня, которую посвятили Году семьи. Сегодня фестиваль уличной еды. Праздник отдыха, веселья, лето, хорошая погода».
Күөрчэх ытыйыытыгар күрэххэ уопуттаах хаһаайкалар кыттыыны ыллылар. Манна ким күөрчэҕэ амтана минньигэс, сөптөөхтүк хойдубут кыайыыны ылар. Ол курдук кыайыы минньигэс амтанын Октябрина Васильева биллэ. Кыттааччылар этэллэринэн элбэх киһи көрөн турдаҕына олус долгутуулаах.
Октябрина Васильева, Дьокуускай олохтооҕо: «Күн аайы да буолбатар куруук күөрчэҕи сиибит буоллаҕа сарсыарда аайы. Кыра эрдэхпититтэн күөрчэх сии үөрүйэхпит, ытыйа үөрүйэхпит. Наһаа үчүгэй тэрээһин буолла».
Бэстибээл ырыа-тойук аргыстаах ыытылынна. Саха сирин ааттаах-суоллаах ырыаһыттара кэлэннэр тэрээһини киэргэттилэр. Дьон-сэргэ үөрэ-көтө тэҥҥэ ылласта, үҥкүүгэ-битиигэ умуста.
Бу курдук үөрүү-көтүү, ырыа-тойук аргыстаах тэрээһини киин куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара олуһун диэн сэргээтилэр. Бүтэн эрэр сайыҥҥы куйаас күннэрбитин уруйдуур-айхаллыыр тэрээһин ахсаана элбиирэ биһирэбиллээх диэн сэһэргээтилэр.
Эдэрдиин кырдьаҕастыын, оҕолуун-уруулуун бары биир турукка, тэтимҥэ киирэн сайыҥҥы сынньалаҥ биир чаҕылхай түгэнин көрүстүлэр. Маннык курдук дьиэ кэргэни ситимниир, дьиэ кэргэн сынньалаҥын тэрийэр бэстибээллэр элбэхтэ ыытыллара буоллар диэн түмүккэ кэллилэр.