Саха сирин оҕуруоччуттарын үүнээйилэрэ билигин саамай ситэн турар кэмнэрэ
Главное
-
26 ноября в 15:05В Якутию с рабочим визитом прибыла руководитель комитета семей воинов Отечества Юлия Белехова
-
26 ноября в 14:37Соболь, песец и лисица. Звероводческие хозяйства Якутии наращивают производство пушнины
-
26 ноября в 14:1015 тысяч кубов снега вывезено из Якутска на специальный полигон
-
26 ноября в 13:08Более 30 тысяч обращений жителей Якутии принято филиалом госфонда "Защитники Отечества"
Сибэккинэн симэммит тиэргэҥҥэ киирэн киһи ах гынар. Хас эмэ сүүһүнэн дьэрэкээн сибэккиллэр, төһө да буруо турдар, тырымныы, киһи хараҕын сыллаанньыта, үөрдэ тураллар. Оттон бу барытын, бэйэтэ собус-соҕотох, илии күүһүнэн, үүннэрэн - бүөбэйдээн таһаарбыт, Үөһээ-Бүлүү улууһун Далбар Хотуна Марта Силигиянова.
Марта Силигиянова, Үөһээ Бүлүү улууһун олохтооҕо: «Буруолаах кэмҥэ дьоннору үөрдээри диэн дьүөгэлэрбин кытта иллэрээ күн “Сибэккинэн симэнэн” диэн бырааһынньык тэрийдим. Кыра эрдэхпиттэн сөбүлүүбүн, ол иһин бэйэм дьиэлэнэн баран сибэкки ыспытынан барбытым. Ахсаанын аҕыйаттым эрээри композициятын эбэ түһэн биэрдим».
Чахчы, тиэргэн иһигэр хас да муннугунан араас композициялар турбуттара кэлбит киһи тутатына сүргэтэ көтөҕүллэн, хаартыскаҕа түһүөн баҕарар. Манна, холобура оттуур сирэ дьүһүйүү киһи кырдьык ходуһаҕа сылдьар курдук сананар. Охсуллубут от, бугул, отуу кутаата, оннооҕор тимир көлө барыла турбута киһини сөхтөрөр.
Марта Силигиянова, Үөһээ Бүлүү улууһун олохтооҕо: «Былыргылыы оллоон. Бииргэ үлэлиир киһим ойуурга тахсан киллэрбитэ. Маннык дьааһыктары билигин булбаккын».
Дьиэ хаһаайката сибэккинэн, киэргэтиинэн эрэ муҥурдамакка, оҕуруот аһыгар эмиэ улахан болҕомтотун уурар. Билигин киниэхэ 4 теплицэнэн оҕурсу, помидор, биэрэс араас суортара үүнэ тураллар. Маныаха таһыардьа, сиргэ үүннэриллэр култууралары киһи этэ барбат. Сорохтор хас ыал аайы олордуллар үүнээйилэр киһи сөҕөрө суох диэхтэрин сөп, ол эрэн манна Үөһээ Бүлүүгэ уу ситимэ суох. Онон Марта хас эмэ буочука уу сакаастатан, барытын илиитинэн таһан, оҕуруотун көрөр-харайар уонна маннык дьиҥ саадтан туох да итэҕэһэ суох тиэргэннээх.
Раиса Степанова, Үөһээ Бүлүү улууһун олохтооҕо: «Кини бэйэтэ айар талааннах. Барытын киэргэтэн оҥорон, беседкэҕэ тиийэ баар. Тиэргэҥҥэ сылдьан баран сайын бүппэтин диэн саныыгын».
Сайыҥҥылыы, кэрэ олбуордаах сиртэн чахчы киһи барыан баҕарбат. Хас да сиринэн беседкэлэр, оллоонноон олорон чэй иһэр, кэпсэтэр сир. Туттар малы-салы уурар анал муннук, суунар-тараанар сир манна баар. Үүнээйилэргэ киирдэххэ, оҕуруот аһын кытары өссө хаппырыас, биэ эмиийэ, дьэдьэн үүнэр эбит.
Бу курдук Үөһээ Бүлүү улууһун биир тарбахха баттанар кэрэ тиэргэнэ хаһаайканы эрэ буолбакка, нэһилиэк олохтоохторун үөрдэн, Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар үтүө холобур эрэ буолар.