Дьокуускайга дойду үрдүнэн аан бастакы адаптивнай комплекс тутуута ыытыллар

81

Дьокуускайга Сэргэлээх шоссетын 12км.  доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго социальнай адаптацияны ааһалларыгар идэлээх үөрэхтээһини ыытар саҕа адаптивнай комплекс тутулла турар. Бу сиргэ үс сыллааҕыта эргэ оскуола-интэрнээти көтүрбүттэрэ. Тутуу ааспыт сыл күһүҥҥүтүттэн саҕалаан барар. Мана 550 үөрэнээччилээх анал коррекционнай оскуола, 200 миэстэлээх уһуйаан уонна улуустартан сылдьар үөрэнээччилэр олороллоругар 150 миэстэлээх интэрнэттээх буолуоҕа. Дойду үрдүнэн аан бастакы маннык хайысхалаах адаптивнай комплекс “Үөрэҕирии” национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллар.

Фёдор Попов, "Главстрой" тэрилтэ толорооччу дириэктэрэ: «Билигин истиэнэ ууруута, сылытыы тардыы, вентиляция барыта тэҥҥэ бара турар. Эбийиэккэ 160 киһи үлэлии сылдьар. Алтынньыга сылытыы ситимин холбуур былааннаахпыт».

Уопсайа 17 тыһыынча квадратнай иэннээх тутуу куорпустарынан арахсыаҕа. Коррекционнай оскуола иэнэ 9,5 тыһыынча квадратнай миэтэрэ. Тутуу көҥдөйө бүтэн, түннүктэнэн, ис үлэтин сотору кэминэн саҕалыахтара.

Ол эбэтэр бу комплекс бастакы уочарата быйыл - сыл бүтүүтэ үлэҕэ киирэрэ күүтүллэр, онтон уопсайынан бары тутуу - детсад, интэринээт эһиил балаҕан ыйыгар түмүктэниэхтээх. Онон кэлэр сылларга Саха сирин доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолоро үрдүк таһымҥэ эппиэттиир үөрэнэр дьиэлэниэхтэрэ. Улахан болҕомтону эт-хаан өттүнэн эрчиллиигэ ууруохтара, онон манна спордунан дьарыктанарга бары услуобуйаны тэрийиэхтэрэ.

Биир кылаас 12 үөрэнээччигэ учуоттаан тутуллар. Уопсайа 48 үөрэнэр кылаас оҥоһуллуохтаах. Адаптивнай комплекс бэйэтэ хочуолунайдаах, уутун бэйэтэ хааччынар буолара күүтүллэр.

Фёдор Попов, "Главстрой" тэрилтэ толорооччу дириэктэрэ: «Биһи “МУП Теплоэнергия” тэрилтэни кытта дуогабардаһан гаас хочуолунай тутулла турар уонна уу хааччыйыытын “Якутскгеология” кытта кэпсэтэн скважина үүттээтибит».

Үөрэнээччилэр социальнай адаптацияны ааһалларыгар анаан оскуолаҕа 11 профориентация хоһо баар буолуоҕа: иистэнньэҥнэр, уһанааччылар кабинеттара, парикмахерскай, хаартыска устуудьуйата, типография, туойунан, үүнээйинэн дьарыктанар хостор, ол эбэтэр бары хайысханан сайдыыга тустаах эйгэни тэрийиэхтэрэ. Маны тэҥэ комплекска оҕолор дороубуйаларын чөлгө түһэрэргэ анаан Кэмпэндээйи тууһунан эмтэнэр хос, стомалогия хоһо, тренажернай уонна хореография сааллара оҥоһуллуохтара.