Үөһээ Бүлүү Харбалаах нэһилиэгэр саҥа култуура киинэ аһыллыаҕа
Главное
-
26 ноября в 15:05В Якутию с рабочим визитом прибыла руководитель комитета семей воинов Отечества Юлия Белехова
-
26 ноября в 14:37Соболь, песец и лисица. Звероводческие хозяйства Якутии наращивают производство пушнины
-
26 ноября в 14:1015 тысяч кубов снега вывезено из Якутска на специальный полигон
-
26 ноября в 13:08Более 30 тысяч обращений жителей Якутии принято филиалом госфонда "Защитники Отечества"
Өҥүрүк куйааһы ахсарбакка тимири тимиргэ холбоон тутууга үлэ күөстүү оргуйар. Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалааҕын Күл сэлиэнньэтигэр, Исидор Барахов төрөөбүт дойдутугар кини аатын сүгэр култуура киинин дьэндэтэллэр. Билигин ис -тас барааныгар үлэ барар.
Василий Ховров, тутуу учаастагын салайааччыта: «Тупсарыы үлэтин номнуо бүтэрэн эрэбит, билигин билииккэбитин уурарбыт хаалла уонна аан туруоруута. Иһинээҕи үлэни бүтэрэн эрэллэр».
Оттон бу тутуу буор температурата сөп түбэспэт буолуутуттан киирэр болдьоҕо уларыйан биэрбитэ. Ол эрэн тургэн-тарҕан туттуунан кыраапыктан билигин хаалыы суох. Эбийиэк 2 тыһ. кв.м. иэҥҥэ тэҥнэһэр. Манна саҥа технология туһаныллан, Саха сиригэр суох култуура киинэ буолуоҕа. Бырайыак аныгылыы ураты тыыннаах буолара күүтүллэр. Холобура, манна 150 миэстэлээх киинэ тыйаатыра култуура киинигэр бас-көс миэстэни ылыаҕа.
Андрей Константинов бырайыактыыр тэрилтэ техническэй дириэктэрэ: «Саҥата диэн – бу кириэһилэлэр барыта бэйэтэ хомуллар уонна улахан тэрээһин ыытарга манна былаһаакка буолар. Саха сиригэр маннык ханна да тутулла илик. Күл бөһүөлэк нэһилиэнньэтэ үөрүөҕэ дии саныыбын».
Маныаха киинэ тыйаатырыттан ураты, Исидор Никифорович Барахов аатынан Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбыннаһын түмэлэ, бибилэтиэкэ баар буолуоҕа. Бастакы этээскэ мусуой экспозиционнай уонна быыстапкалыыр саалалар, административнай хосторо оҥоһуллуохтара. Иккис этээскэ - кинигэ кыһата, аактабай салаа, артыыс, көстүүм хосторо, куруһуоктары уонна дьарыктары ыытарга тус хостор баар буолуохтара.
Андрей Асекритов, тутуу тэрилтэтин салайааччытын солбуйааччы: «Билигин 32 киһи үлэлии сылдьар, иһинээҕи тупсарыы оҥоро сылдьаллар, уот уонна сылытыы ситимин тардаллар».
Үөһээ Бүлүүгэ тутулла турар баараҕай эбийиэги Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев кэлэн көрөн, сыаналаан барда. Үлэһиттэри кытары кэпсэттэ уонна эбийиэги тутуу тэтимин түргэтэтэргэ, олохтоммут болдьоххо киллэрэргэ, дизайн бырайыагын олоххо киллэриигэ ураты болҕомтону уурарга сорудахтаата.
Айсен Николаев, СӨ Ил Дархана: «Биһиги улуу киһибит аатынан култуурунай киин үлэҕэ киириэхтээх. Исидор Барахов төрөөбүт сиригэр киниэхэ анаммыт култуурунай киин баар буоларыттан киһи үөрэр. Саҥалыы көстүүлээх уонна саҥа технологиялары туттубут буоланнар кырдьыктыы тыа нэһилиэктэригэр биир саамай бастыҥ култуурунай киин буолуо».
Онон тутуу ураты болҕомтоҕо ууруллан, сотору кэминэн Үөһээ Бүлүү улууһугар биир суолталаах, дьону түмэр-сомоҕолуур, тыа нэһилиэгэр саҥа тыыны үөскэтэр эбийиэк баар буолуоҕа.