Дьокуускайга "Нам" суолун өрөмүөнэ күһүн толору түмүктэниэхтээх
Главное
-
26 ноября в 15:05В Якутию с рабочим визитом прибыла руководитель комитета семей воинов Отечества Юлия Белехова
-
26 ноября в 14:37Соболь, песец и лисица. Звероводческие хозяйства Якутии наращивают производство пушнины
-
26 ноября в 14:1015 тысяч кубов снега вывезено из Якутска на специальный полигон
-
26 ноября в 13:08Более 30 тысяч обращений жителей Якутии принято филиалом госфонда "Защитники Отечества"
Киин куоракка аҕыйах сылтан бэттэх суол-иис оҥоһуута көхтөөхтүк ыытыллар. Быйыл Дьокуускайга уопсайа 30-тан тахса км. суол өрөмүөннэнэ сылдьар. Саха сиригэр 2019 сылтан "Куттала суох хаачыстыбалаах массыына суоллара" национальнай бырайыак салгыы түһүмэҕэ олоххо киирэр. Бырайыак чэрчитинэн Намныыр суолга улахан өрөмүөн үлэтэ иккис сылын бара турар.
Бу суолунан айаннааччылар өрөмүөн үлэтэ күөргүөмнээхтик ыытылларын күннэтэ көрө-билэ сылдьаллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ манна аспаалы ууруу үлэтэ тэриллэр.
Гаврил Рожин, "Дороги Саха" тэрилтэ сүрүннүүр инженерэ: «3,2 км, ол онтон аспаал бастакы араҥата 350м уурарбыт хаалла. Аспаалбыт икки араҥалаах буолар. Бастакы араҥа бөдөҥ кыырапах 7 см, онтон үөһээҥҥитэ 5 см».
Оҥоһуллар суол кэҥээн улаатан, 4 балаһалаах буолуоҕа. Ортотунан балаһалары араар ограждениелаах, суол икки өттүттэн туһаанаах сырдатыылаах буолуоҕа, онон уот баҕаналарын туруорбуттара. Сатыы сылдьааччыларга эмиэ усулуобуйа оҥоһуллуоҕа, ол курдук тротуардар, светофордар, автобус тохтобуллара киириэхтэрэ. Аспаалы уурууну кытта дьүөрэлии тупсарыы үлэлэрэ бараллар. Уопсайа 3 км тахса усталаах саҥа суолу оҥоруу аны күһүн барыта түмүктэниэхтээх.
Сүрүн үлэлэр ааспыт сылга ыытыллыбыттара. Билигин үлэ кыраапыгыттан хаалыы суох, төттөрүтүн эрдэлиир тэтимнээх үлэ бара турар диэн иһитиннэрдилэр. Бу учаастакка улахан тиэхиньикэ, 60-ча киһи үлэлии-хамсыы сылдьар.
Сергей Дьячковскай, СӨ массыына суолларын салалтатын капитальнай тутууга салаатын салайааччы: «2022 сылтан саҕалаабыппыт. Эбийиэк бэлэмэ 63% буолан турар. 1,5 км номнуо бүрүллэн сытар».
Быйыл Дьокуускай куоракка уопсайа отучча кэриҥэ суолу өрөмүөннүөхтэрэ. Барыта 32 кэриҥэ килэмиэтир усталаах суол оҥоһулла сылдьар. Маныаха ааспыт сылтан ыллата ыытыллар эбийиэктэргэ үлэлэр салҕанан бара тураллар. Ол курдук, Сайсары оройуонугар Винокуров уулуссатын, Бүлүүлүүр переулогы уонна бу эргин Можайскай суолун ситэрэллэр.
Анатолий Потапов, СӨ транспорт миниистирин бастакы солбуйааччы: «Быйыл “Куттала суох хаачыстыбалаах массыына суоллара” нацбырайыак чэрчитинэн биһиги 175,6 км чөлүгэр түһэриэхтээхпит. Ол иһигэр 144,3 км эрэгийиэннээҕи суолларга уонна 31,3 км Дьокуускай куорат суолун-ииһин оҥоруутугар үлэни ыыта турабыт».
Амма, Мэҥэ-Хаҥалас, Уус Алдан, Таатта, Мииринэй, Бүлүү улуустарыгар суолу саҥардыы үлэлэрэ бараллар. Кэлэр сылларга эмиэ улахан үлэ былааннанар. Бу сылга суоллары тэҥэ, бэрт суолталаах муосталары, туорааһыннары тутуу, оҥоруу үлэтэ салҕанар.