Дьокуускайдааҕы научнай-чинчийэр институт уопуту ыытар учаастагар үүнээйилэр ситтилэр

85

Өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын чинчийэр институтун сүөһү аһылыгын бэлэмниир лаборатория старшай научнай үлэһитэ Наталья Жиркова үөнү-көйүүрү, үтүмэн оҥоойугу ахсарбакка уопуттуур учаастагар үүнээйилэрин бэрийэр. Кинилэр билигин манна 3 исписэлиис уонна 4 аспираан буолан үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Быйыл өҥүрүк куйаас да, онтон эмискэ сөрүүкүтүйэн, ардах түспэккэ үүнээйилэргэ да, үлэһиттэргэ да кыра күчүмэҕэйдэр үөскээбиттэр.

Наталья Жиркова, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын чинчийэр институтун сүөһү аһылыгын бэлэмниир лаборатория старшай научнай үлэһитэ: «Сайыммыт кураан уонна үүнүүбүт мөлтөх соҕус, ол да буоллар кэмин ситэн эрэр. Көрө истэ сылдьабыт. Хомуур атырдьах ыйын 15 күнүгэр буолуо уонна ый бүтүүтэ. Отун сиилэскэ туттабыт. Кэтээн, учуоттаан салгыы чинчийии үлэтин ыытабыт».

Быйыл бу уопуттуур учаастакка үгэскэ кубулуйан, подсолнух сибэккигэ түһүү кэмэ арылынна. Бу кэмтэн ыла кыра төлөбүр төлөөн киирэн, дьон-сэргэ дьэрэкээн күн сибэккилэрин аттыгар хаартыскаҕа түһүөхтэрин сөп буолла. 

Нөмүгүгэ баар уопуттуур-чинчийэр учаастакка уопсайа күн бүгүн биир сыллаах от 10 көрүҥэ үүнэ турар. Ол курдук, манна судаанскай от, маслечнай редька, кукуруза, горох, вика онтон да атын сүөһү аһылыга буолар кыахтаах үүнээйилэр олордуллан тураллар. Учаастакка биир сүрүн бас көс миэстэни агрономнар тылларынан, судаанка, ол эбэтэр судаанскай от ылан турар. 2 миэтирэ кэриҥэ уһуннаах от, номнуо Саха сирин килиимэтигэр сөп түбэһэн, күөх маассатын түргэнник ыларын учуонайдар үөрэ иһитиннэрэллэр.

Елена Пестерева, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын чинчийэр институтун сүөһү аһылыгын бэлэмниир лаборатория старшай научнай үлэһитэ, тыа хаһаайыстыбатын наукатын кандидата: «Быйыл алта хайысханнан уопут ыытабыт. Хонуу бэйэтэ эмиэ уопут - Саха сиригэр Неустроев Михаил Петровичтаах оҥорбут микробнай препараттарын туһанаммыт олордубуппут иккис сыла буолла. Оннук уопуттар кукурузаҕа уонна судаан отугар киирдилэр».

Билигин хонуу үлэһиттэригэр үлэ үгэннээн турар кэмэ. Ол чэрчитинэн, бу нэдиэлэ 15 чыыһылатыгар манна Хаҥалас улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи хонуу күнэ ыытыллан, Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин түмүө.