"Удьуор Утума" дьиэ кэргэн түмсүүтэ аан бастаан Мэҥэ Дьабыылыгар тэриллибитэ
Главное
-
24 ноября в 11:13В Якутске завершился 82-й Чемпионат республики по шахматам
-
24 ноября в 10:14Сотрудники Мирнинско-Нюрбинского ГОКа проверили здоровье на рабочем месте
-
24 ноября в 08:46Интервью с заместителем начальника Якутского УГМС - начальником гидрометцентра Татьяной Маршалик
-
24 ноября в 07:41Министр строительства республики проверил ход строительства образовательных объектов в Якутске
Арассыыйаҕа итиэннэ Саха Сиригэр биллэриллибит Дьиэ Кэргэн уонна Оҕо Саас сылынан "Дойдум тэтимэ" биэрии түһүлгэтин мааны ыалдьыттарынан Мэҥэ – Хаҥалас улууһун Дьабыыл нэһилиэгиттэн төрүттээх Баишевтар уонна Игнатьевтар киэҥ аймах ыччаттара буоллулар.
Ол курдук, сэрии иннинэ колхуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит, онтон уоттаах сэрии толоонугар хорсунун иһин Аҕа Дойду сэриитин иккис истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаламмыт Антон Романович Баишев сиэннэрэ уонна хос сиэннэрэ "Удьуор утума" дьиэ кэргэн түмсүүлэрин тэрийэргэ соруктаах баҕа санааларын толорбуттара.
Ааспыт сайын аҕалара Антон Романович төрөөбүт сиригэр - Арыылаах сайылыгар оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин кытта бары мустан 10 күн устата олорбуттара. Өбүгэлэрэ олорбут өтөҕөр сайын аайы тахсан кэнчээри ыччаттарын өбүгэлэрин төрүт үгэстэрин итиэннэ дьиэ кэргэн устуоруйатын үөрэтииттэн саҕалаабыттара. Салгыы, дьиэ кэргэн түмсүүтүн тэрийсибит Дьокуускай куорат 91№-дээх уһуйаанын музыкаҕа салайааччыта, үрдук категориялаах учуутал Анна Анатольевна Гаврильева - Туолаана кэпсээнин истэргитигэр көрдөһөбүт.