Аан дойдуга бүгүн харах бырааһын күнэ бэлиэтэнэр

90

Саҥа төрөөбүт оҕолортон саҕалаан 100 саастарыгар тиийэ кэлэн харахтарыгар ыарахан эпирээссийэни оҥортороллор. Билиҥҥи биримэҕэ харах дабылыанньатыттан үгүс киһи эрэйдэнэр. Бу палаатаҕа 84 саастаах Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан сылдьар Варвара Платонова хараҕар катаракталааҕын эпэрээссийэлэттэ. Бэҕэһээҥҥи күнүгэр киирээт, сарсыныгар номнуо оҥоһуллан тахсар күнүн күүтэ сытар. Кырдьар сааһыгар бастакытын хараҕын оҥорторо кэллэ.

Варвара Платонова, Мэҥэ Хаҥалас улууһун олохтооҕо: «Дьиэлэрэ-уоттара олус үчүгэй, ыраас. Бары үчүгэй баҕайытык үлэлииллэр, эйэҕэстэр. Миигин манна сиэтэн киллэрэн биэрэллэр, кэлээскэҕэ анньаллар кыра оҕону курдук».

Аттынааҕы ороҥҥо Үөһээ Бүлүүттэн сылдьар Мария Иванова хараҕын дабылыанньата эмискэ тахсан, суһаллык эпэрээссийэҕэ ананан кэллэ.

Мария Иванова, Үөһээ Бүлүү олохтооҕо: «Эмискэ хараҕым туман курдук буолла. Массыынаннан оҕолорум аҕалбыттара, биир күн иһигэр түргэн баҕайытык оҥорбуттара».

Улахан дьоҥҥо уочарат уһун көрүдүөрү барытын ылар. Билигин саҥа тупсаҕай аппараттарынан бэрт түргэнник хас эмэ диагноһы барытын быһаараллар. Уһук Илин эрэгийиэннэригэр бастакы толору хааччыллыылаах балыыһа буолан, билигин бэйэбит Өрөспүүбүлүкэбитигэр эмтэнии бары көрүҥэ ыытыллар кыахтанна.

Күн аайы быраастар сүүһүнэн араас ыарыылаах дьону көрөллөр. 40-тан тахса сыл медицинэҕэ бэриниилээхтик үлэлии сылдьар Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх бырааһа Айталина Прокопьева. Олоҕун оҕо доруобуйатыгар анаабыт идэлээх күнүн бүгүн бэлиэтиир. Хас эмэ сыллаах чинчийии кэнниттэн Хоту улууска олорор дьон хараҕа астигматизмнаах буолуута элбэх диэн түмүгү таһаарда.

Айталина Прокопьева, СӨ үтүөлээх бырааһа: «Барытын анаалыстаан көрдөххө билигин үчүгэйдик көрөр оҕолор 6-8%».

Саха сиригэр оҕо хараҕын анаан чинчийэр исписэлиистэр суох буолан, бу кыһалҕаны түргэнник быһаарар уустуктардаах. Нэһилиэнньэни эмтии Өрөспүүбүлүкэ бары муннуктарыгар баран үлэлиир анал биригэдээлэр ый аайы бараллар. Уонна Донбаска хас чиэппэр аайы баран олохтоохторго босхо көмөнү оҥороллор.

Иван Луцкан, Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатын сүрүн бырааһа: «Мы ожидаем поступление нового медоборудования, мы уделяем особое внимание детям. Открыли детское отделение и количество врачей увеличиваем. С учетом года Детства в республике и года Семьи, будем проводить комплексные иследования для наших семей».

Бүгүн офтальмолог күнүн көрсө Хаҥалас улууһун балыыһатыгар баран олохтоохтору көрө сылдьаллар. Ол кэннэ балаҕан ыйыгар Мииринэй хас да куоратыгар номнуо суруттарбыт 37 киһини эмтии барарга былааннаналлар.