Сунтаар улууһугар мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр саҥа көлөлөр кэлэллэрэ күүтүллэр

61

Сунтаар улууһугар мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр саҥа көлөлөр кэлэллэрэ күүтүллэр. «Доруобуйа» национальнай бырайыак иитинэн, бу сыл саҕатыгар мэдиссиинэ көмөтүн оҥорорго тохсунньуга Сунтаар улууһугар Күндэйэҕэ уонна Уһун Күөлгэ УАЗ кэлэн турардаах. Сотору кэминэн эбии саҥа көлөлөр кэлиэхтээхтэр. Олор Кутанаҕа, Түбэй Дьаархаҥҥа, Бүлүүчээҥҥэ уонна улуус поликлиникатыгар бэриллэллэр. Бу үөрүүлээх сонуну сиһилии Сунтаар улууһун сүрүн бырааһа Анатолий Назаров кэпсээтэ.