Нам улууһугар оҕо сынньалаҥа тэриллиилээхтик ыытыллар
Главное
-
27 ноября в 00:56График отключения электроэнергии и водоснабжения в Якутске на 27 ноября
-
27 ноября в 00:38Прогноз погоды в Якутске на 27 ноября
-
26 ноября в 15:05В Якутию с рабочим визитом прибыла руководитель комитета семей воинов Отечества Юлия Белехова
-
26 ноября в 14:37Соболь, песец и лисица. Звероводческие хозяйства Якутии наращивают производство пушнины
"Үлэ киһини киэргэтэр" диэн тутаах этииннэн салайтаран Модут нэһилиэгэр баар "Чэчир" оҕо лааҕыра үлэлиир. Бу манна оскуола саастаах оҕолор төгүрүк суукка олорон оҕуруот аһын көрөллөр-истэллэр. Хаппыыста, хортуоппуй, оҕурсу уонна да атын көрүҥү үүннэрэн, күннэтэ түбүктээх үлэ үөһүгэр сылдьаллар.
Айхал Иванов, "Чэчир" лааҕыр иитиллээччитэ: «Күн аайы оҕуруокка үлэлиибит, сэрээккэлиибит уонна эрчиллэбит».
Кыыстыын, уоллуун бары күргүөмүнэн сылдьан уу куталлар. Өлгөм үүнүүнү ылар соруктаахтар. Лааҕыр бөһүөлэктэн син тэйиччи турар буолан, айылҕа быыһыгар олороллор.
Оттон аттынааҥы ыаллыы сытар лааҕырга "Панчер" кулууп оҕолоро сылдьаллар. Кинилэр манна күннэтэ буокса араас үөрүйэхтэригэр уһуйуллаллар. Киин куораттан, араас улуустартан оҕо-аймах мустан бары бииргэ сылдьаллар.
Валентин Иванов, "Панчер" лааҕыр тренерэ: «Сарсыарда 8 чааска тураллар, 10 мүнүүтэ иһигэр хомуналлар, сууналлар уонна сэрээккэлии тахсаллар. Күнүс уонна киэһээ эрчиллэллэр. 11 чаастан сүрүн эрчиллии – буокса оскуолата».
Икки лааҕыр төһө да тус-туспа бэрээдэгинэн олордор, тэрээһиннэрэ биир. Күннээҕи сыалларын ситистилэр да хас киэһэ ахсын бары бииргэ түмсэн тэрээһин ыыталлар. Күннэтэ бэйэ-бэйэлэрин кытары алтыһан, араас оонньуулары оонньон сайыҥҥы сынньалаҥнарын туһалаахтык атаараллар.
Эмилия Тихонова, "Чэчир" лааҕыр иитиллээччитэ: «Бу лааҕырга элбэх оҕолору кытта билистим. Күн аайы интириэһинэй тэрээһиннэр буолаллар. Күҥҥэ биэстэ аһаталлар».
Лааҕырдар сайын устата 3 сезонунан үлэлээтилэр. Хас сезон ахсын 60-чалыы оҕо сырытта. Бу манна сынньана, бириэмэлэрин туһалаахтык атаара эрэ кэлбит оҕолор буолбакка, сааскы халаан уутуттан эмсэҕэлээбит ыал оҕолоро эмиэ сырыттылар.
Оҕолор бу курдук туһаны аҕалар лааҕырдарга эт-хаан, өй-мэйии өттүнэн сайдаллар. Күннээҕи олоххо туһалаах үөрүйэхтэргэ үөрэнэллэр.