Майа сэлиэнньэтигэр полумарафон ыытыаллыаҕа

84

Майа сэлиэнньэтигэр Атырдьах ыйын 18 күнүгэр Саха сиригэр Оҕо сылын, Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн сылын иитинэн чөл олоҕу тэнитэр сыаллаах аан маҥнайгытын Майа полумарафона ыытыаллыаҕа. Оҕолор 500 миэтирэҕэ, улахан дьон 5, 10, 21 километрга сүүрүөхтэрэ. Кыттааччылар бары футболка, рюкзак, финишер мэтээлин тутуохтара. Бу тэрээһин тэрийээччитэ Александра Мохначевская нарколог быраас, сүүрүүнү таптааччы, Maya Run (Майа Ран) спортивнай түмсүү төрүттээччитэ. Салгыы кини бу күрэх тэриллиитин туһунан сырдатарыҥ истиҥ.