Алын суудуналарга инспиэксийэ Өлүөнэ өрүскэ сырыы бэрээдэгин хонтуруоллуур

67

Инспиэктэр идэлээхтэр чугастыы сытар арыылары кэрийэллэр, хас биирдии ааһар кыра кээмэйдэх уу аалын көтүппэттэр.

Сэрэтиини истэн баран балыксыттар тутатына быыһыр сэлиэттэрин кэттилэр уонна салгыы айаннарыгар туруннулар. Инспиэктэрдэр бу ыытыллар үлэ суолтата улахан диэн бэлиэтээн этэллэр. Хомойуох иһин киһи барыта ууга куттала суох буолуу судургу ирдэбиллэрин тутуспат.

Андрей Иванов, Алын суудуналар судаарыстыбаннай инспекцияларын Дьокуускайдааҕы салаатын инспиэктэрэ: «Некоторые люди не беспокоятся о своей безопасности. Поэтому каждый день проводим мероприятия по безопасности».

Утумнаах үлэ салҕанар. Чугастыы кумах арыыга балыксыттар тохтоон туралларын бэлиэтии көрөн ГИМС үлэһиттэрэ тутатына чугаһыыллар. Кытылга тахсан сынньанааччылары кытта кэпсэттилэр, сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрин санаттылар.

Суудуналарынан эрэ сылдьааччыларга буолбакка сатыы сылдьар балыксыттарга эмиэ улахан болҕомто ууруллар. Ол курдук кытылга икки балыксыты көрөн эмиэ тустаах үлэни ыыттылар. Сынньанааччылар тоҕоостоох үлэ ыытылларын өйдөөн инспиэктэрдэри үөрэ көрсөллөр.

Алёна Воронина, Алын суудуналар судаарыстыбаннай инспекцияларын Дьокуускайдааҕы салаатын инспиэктэрэ: «Чтобы соблюдали меры безопасности на воде, не заходили в воду глубоко, также тут проходит движение маломерных судов».

Атырдьах ыйын 4 күнүгэр Өлүөхүмэҕэ "Крым" диэн дьоҕус суудуна түҥнэри түстэ. Уу аалынан 4 балыксыт дьилэригэр төннөн испиттэр. Быһылаан түмүгэр 1985 сыл төрүөх эр киһи кыайан быыһамматах, оттон 3 киһитэ бэйэлэрэ кытылга диэри харбаан тиийбиттэр. Күн бүгүнүгэр диэри тимирбит өлүгэ булулла илик. Ууга тахсар быһылааннар сүрүн түрүөттэрин инспиэктэр идэлээх сэһэргээтэ.

Андрей Иванов, Алын суудуналар судаарыстыбаннай инспекцияларын Дьокуускайдааҕы салаатын инспиэктэрэ: «Вода сильно упала и много кос. Их не видно и судоводители зачастую налетают».

Төһө да риэйдэлэр күн ахсын ыытыллыбыттарын үрдүнэн, уу эбийиэктэригэр араас оһоллор тахса тураллар. Онон суудунаны ыытааччылар уонна олорсо сылдьааччылар ууга сэрэхтээх буоларгыт булгуччулаах диэн инспиэктэрдэр тоһоҕолоон этэллэр.

Татьяна Степанова, РФ ЫБММ салалтатын СӨ уу эбийиэктэригэр куттал суох буолуутун хааччыйар салаа салайааччытын солбуйааччы: «Судоводительскай регистрационнай докумоннаргытын илдьэ сылдьыҥ. Айанныаххыт иннинэ суудунаҕыт туругун көрүнүҥ. Хас биирдии киһи быыһыыр сэлиэттээх буолуохтааҕын умнумаҥ. Быраабылалары булгуччу тутуһун, ууга сэрэхтээх буолун».

Билигин Өлүөнэ өрүс уута намтаан турар кэмигэр суудуна суоппардара хас да бүк сэрэхтээх буолаллара ирдэнэр. Уу төһө дириҥин билбэт буоллаххытына ол сиринэн устартан туттунуҥ, аҕыйах балык сыаната киһи олоҕун кытта тэҥнэммэт диэн инспиэктэр идэлээхтэр санаталлар.