Саха сиригэр от хампаанньата салҕанар

112

Утуу-субуу бииртэн-биир пресстаммыт от рулона төкүнүйэн түһэр. Ол аайы быйылгы былаан туолуута чугаһыыр. Күргүөмнээх от үлэтэ ньиргийэрин туоһута - толоону толорор тыраахтардар тыастара. Сайыҥҥы биир күн дьылы аһатар диэбиттии хочо дьоно сайыҥҥы ылааҥҥы күннэри былдьаһаллар.

Модукка үгүс киһи тиэхиникэ көмөтүнэн кыстыыр отун булунар. Илииннэн оттуур киһи суоҕун кэриэтэ. Ону таһынан сыллата бастыҥ көрдөрүүлэрин иһин араас тиэхиникэнэн наҕараадаланаллар. Онон үрдүк кыамталаах тыраахтардарынан, кыра көмө тиэхиньикэнэн үлэ тэтимнээхтик ыытыллар. 

Модут олохтооҕо Семен Сивцев сиэнин олордубутунан ходуһа устун айанныыр. Нэһилиэк дьаһалтатын биригээдэтин наймалаһан сирин оҕустаран, аны хомуйа сылдьаллар. Олохтоммут тарыыбынан үгүс киһи сирин оттотон, кыстыыр отун булунар. Бэйэ кыаҕынан бүтүн хаһаайыстыба аһын булунарын ыарырҕатар дьоҥҥо табыгастаах быһаарыныы.

Семён Сивцев, Модут нэһилиэгин олохтооҕо: «Оҕолор кэлэн көмөлөһөннөр үлэ-хамнас бөҕө. Окко киһи аайы көмөлөһөллөр. Хата халлаан туран от бөҕө бэлэмнэннэ».

Үкэр от хойуутук үтэ анньан эҥсиэли хочотун отчуттарын санаата бөҕөх. Ол эрэн үүнүүнү үчүгэй да куһаҕан да диэбэттэр. Кэтэх хаһаайыстыбаларга нэһилиэк дьаһалтата мобильнай этэрээт тэрийэн көмөлөһөр. Төһө да сааскы халаан уутун содулугар оҕустардар, оттооһун тэтимэ үчүгэй.

Василий Сыроватскай, Модут нэһилиэгин сирдэрин сайыннарыы ааҕыныстыбатын дириэктэрэ: «Чааһынайдарбытыгар мобильнай биригээдэ буолан оттуу сылдьабыт. 3 тиэхиньикэлээхпит: икки Белоруһу кытта биир кыра Синтайдаахпыт. Оппут орто, чааһынайдар 70% оттоон бүтэн эрэллэр».

Нэһилиэк үрдүнэн уопсайа 300-тэн тахса киһи, 70-ча тиэхиникэ от үлэтигэр сылдьаллар. Былааннарын толоро охсон, аны аттынааҥы нэһилиэктэргэ, улуустарга анаан көмө оту бэлэмниир сыаллаахтар.

Николай Ядрихинскай, Модут нэһилиэгин дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ: «Билиҥҥи кэмҥэ барыта уопсайынан 1115 туонна оттонно. Ол аата 83% оттоон олоробут».

Модуттар билиҥҥи туругунан бары күүһү окко уураллар. Ол кэннэ хаһаайыстыбалаах дьон халаан уутуттан эмсэҕэлээбит хотоннорун, дьиэлэрин чөлүгэр түһэрэр санаалаахтар.