Хаҥалас улууһугар Саха сирин бастакы Бэрэсэдьиэнин ахтан-санаан аастылар
Главное
-
27 ноября в 00:56График отключения электроэнергии и водоснабжения в Якутске на 27 ноября
-
27 ноября в 00:38Прогноз погоды в Якутске на 27 ноября
-
26 ноября в 15:05В Якутию с рабочим визитом прибыла руководитель комитета семей воинов Отечества Юлия Белехова
-
26 ноября в 14:37Соболь, песец и лисица. Звероводческие хозяйства Якутии наращивают производство пушнины
Сибэтиэй-Троицкай таҥара дьиэтигэр литургия. Саха өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсэдьиэнэ, Михаил Николаев, төрөөбүт сиригэр-уотугар Өктөмҥө Таҥара дьиэтин уонна түмэл икки ардыгар көмүллэн сытар. Биир сылыгар кэлбит доҕотторо-атастара, өрөспүүбүлүкэ салалтата, дьиэ кэргэнэ таҥара дьиэтигэр киирэн, чуумпу уутун аймаабатыннар диэн чүмэчи туруордулар.
Сэбиэскэй сойуус ыһыллыытын кэмигэр, эрэллээхтик Өрөспүүбүлүкэ салайааччытынан талыллан, оччотооҕу улуу кириисистэн саха норуотун босхолообута. Кинини холобур оҥостор дьон бу күн өссө биирдэ махтал тылларын этэ, ахта-саныы кэллилэр. Улуу киһи олохтон барыыта - бүтүн норуот аһыы сүтүгэ, оспот бааһа. Оттон дьиэ кэргэнигэр хас эмэ бүк улахан сүтүк буолар. Сиэнэ Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар махтанарын иһитиннэрдэ.
Сэтинньи 13 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Михаил Николаев сырдык аатын үйэтитэр туһугар уураах ылыммыта. Ол күнтэн ыла Өрөспүүбүлүкэҕэ үгүс тэрээһин, саҥа тутуулар, саҥа хайысхалар баар буоллулар.
Айсен Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана: «Күн-дьыл барар оччонон өйдөөн иһэбит бу хайдахтаах курдук улуу киһи биһитини кытта олорон, балысханнаах 90-с сыллары сөптөөхтүк салайан биһи Өрөспүүбүлүкэбитин өрө таһааран. Бу билигин биһи кыайыыларбыт, хотууларбыт барытыгар кини этиитэ, кини тыына баар курдук».
Бүгүҥҥү олохпут ситиһиитэ - Аан Дархан сырата-сылбата. Кини оччолорго сөпкө тайаннаран ылсыбыт дьыалата күн бүгүҥҥэ диэри норуотугар салҕанар. Куруук махталлаах, дьонун кытта истиҥ сыһыаннаах сылдьыбытын олохтоохтор бэлиэтииллэр. Өр сылларга Михаил Ефимовиһы кытта бииргэ үлэлээбит үөлээннээҕэ Климент Егорович ахтан-санаан ааста.
Климент Иванов, судаарыстыбаннай сулууспа бэтэрээнэ: «Кини туох баар күүһүн-уоҕун, өйүн-санаатын бүтүннүүтүн өрөспүүбүлүкэ норуотугар анаабыт киһи. Ыарахан кэмҥэ, Сэбиэскэй сойуус курдук улуу судаарыстыба ыһыллан, күөрэ-лаҥкы тутул, экономика кириисистээбит кэмиэгэр дойдуну, Саха өрөспүүбүлүкэтин быыһааһын дьылҕатын бэйэтин санныгар быраҕан, улуу киһибит – Михаил Ефимович Николаев буолар».
Михаил Николаев аатынан архыып-библиотека "Николаев Киин" үйэтитиинэн олус таһаарыылаахтык үлэлии-хамныы турар. Кини аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ олохтонно. Уонна Дьокуускай куоракка кини аатынан уулусса, ол иһигэр саҥа аныгы дьиэ-уот, үөрэх кыһалара тутуллан олоххо киирэн эрэр. Саха сирин Москватааҕы бэрэстэбиитэлистэбэтигэр кини аатынан саала арыллыаҕа.
Юрий Семёнов, М. Е. Николаев аатынан "Николаев Киин" архив-библиотека салайааччыта: «Элбэх кинигэлэр таҕыстылар уонна уонна улахан худуоһустубуннай киинэ оҥордо Никита Аржаков култуура министиэристибэтэ үбүлээн. Ол курдук кини бэйэтин төрөөбүт күнүгэр сыл аайы туттарар стипендията “Знанием победишь” диэн судаарыстыбыннай стипендия буолла».
Эбии "Өрөспүүбүлүкэ туһугар" диэн судаарыстыбаннай бочуот бэлиэтэ баар буолла. Бу барыта Михаил Николаев аатын, үлэтин салгыыр уонна нэһиэлэнньэни көхтөөх буоларга ыҥырарга ананна.