Ааспыт өрөбүллэргэ Дьокуускайга арыгыны иһэн баран уруулга олорбут 17 суоппары туттулар
Главное
-
27 ноября в 00:56График отключения электроэнергии и водоснабжения в Якутске на 27 ноября
-
27 ноября в 00:38Прогноз погоды в Якутске на 27 ноября
-
26 ноября в 15:05В Якутию с рабочим визитом прибыла руководитель комитета семей воинов Отечества Юлия Белехова
-
26 ноября в 14:37Соболь, песец и лисица. Звероводческие хозяйства Якутии наращивают производство пушнины
Ааспыт өрөбүлгэ киһи өлүүлээх суол сааххала таҕыста. Алдан улууһугар Лена бэдэрээльнэй суолун 786-с килэмиэтирэтигэр түүн 2:30 чаас диэки 1993 сыл төрүөх суоппар "Тойота Хайс" микроавтобуһунан 11 олорсооччулаах Дьокуускай Өлүөхүмэ хайысханан айаннаан иһэн суол хаҥас өттүгэр турар улахан кыамталаах тимир көлөҕө баран түһүүнү тааһарда.
Күннэй Иванова, СӨ суолга-иискэ куттала суох буолууну хааччыйар судаарыстыбаннай инспиэксийэ пропагандаҕа аҕа инспиэктэрэ, полиция майора: «Быһылаан түмүгэр иннигэр олорсо сылдьааччы 1988 сыллаах төрүөх эр киһи саахал миэстэтигэр суорума суоламмыта. 10 олорсо сылдьааччы ол иһигэр 4 оҕо араас эчэйии ылан чугастааҕы Томмот балыыһатыгар, ыарахан туруктаах олорсо сылдьааччы биир эдэр кыыс Алданнааҕы балыыһа реанимациятыгар киллэриллибитэ».
“Тойота Хайс” суоппара бу иннинэ хаста даҕаны административнай сокуону кэһиини оҥорбута бэлиэтэнэр, сүрүннээн сөптөөх ускуораһы тутуспат буолуу. Маны таһынан суоппар өттүттэн эбии быраабыланы кэһии бэлиэтэннэ.
Күннэй Иванова, СӨ суолга-иискэ куттала суох буолууну хааччыйар судаарыстыбаннай инспиэксийэ пропагандаҕа аҕа инспиэктэрэ, полиция майора: «Ааспыт өрөбүл күннэргэ Өрөспүүбүлүкэ суолларыгар киһи эчэйиилээх 5 суол саахала таҕыста. Биир киһи олохтон туораата, 14 киһи ол иһигэр 5 оҕо араас эчэйии ыллылар».
Ааспыт өрөбүллэргэ Дьокуускайга арыгыны иһэн баран уруулга олорбут 17 суоппары туттулар. Мантан итирик туруктаах суоппар 3 суол саахалын таһаарда, дьолго ким даҕаны эмсэҕэлээбэтэ диэн киин куораттааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр. Маны таһынан сыл саҕатыттан киин куоракка уопсайа 80-тан тахса 18 сааһын туола илик оҕолор кыттыылаах суол сааххала таҕыста. Атырдьах ыйын 3 күнүгэр "Тойота Премио" суоппара 7 саастаах оҕону түҥнэри көппүтэ бэлиэтэннэ.
Жанна Макарова, Дьокуускайдааҕы суолга куттал суох буолуутун хааччыйар сулууспа сырдатар үлэҕэ иниспиэктэрэ: «Субуота күн 7 саастаах оҕо бэлисипиэтинэн баран иһэн суолу көҥүллэнэр сиринэн туораабакка тимир көлө аннытыгар киирбитэ. Туох да харыстыыр тэрилэ суох буолан оҕо сирэйин уонна төбөтүн эчэппитэ».
Кэнники кэмҥэ оҕо кыттыылаах суол сааххала элбээбитинэн сибээстээн өйдөтөр, сэрэтэр үлэлэр ситимнэрин быспакка ыытыллаллар. Холобур, “Радуга” лааҕырга ГАИ инспектэрдэрэ оҕолорго көрдөөх оонньуулар нөҥүө үөрэтэр үлэни ыыттылар. Тэрээһиҥҥэ уопсайа 140 лааҕыр иитиллээччитэ кыттыыны ылла.
Владилена Охлопкова, Дьокуускай куорат суол-иис инспиэксийэтин пропагандаҕа салаатын инспиэктэрэ: «Суолга-иискэ куттал суох буолуутун хааччыйар инспиэксийэттэн кэлэммит оҕолор хайдах суолу сөпкө туоруохтаахтарын, хас күн аайы үлэбитигэр тахсар тимир көлөбүтүн көрдөрөн уонна суол быраабылатын кэһимэҥ диэн. Бу аҕыйыах күнүнэн саҥа үөрэх сыла саҕаланыаҕа, ол онно бэлэмнэнии курдук буолар».
Билигин халлаан хараҥарар, ардыыр уонна тыаллырар буолан суолга-иискэ араас мэһэйдэри үөскэтиэҕин сөп. Онон айан куттала, эчэйиитэ суох буоларын туһугар сэрэхтээх буолар ирдэнэр.