Саха сиригэр тимир суол үлэһиттэрин күнүн бэлиэтээтилэр
Главное
-
19 сентября в 03:33Кирилл Бычков рассмотрел вопросы реализации мастер-плана города Якутска
-
19 сентября в 03:11Новые формы работы с семьями с детьми обсудили глава Якутии и Уполномоченный при Президенте РФ по правам ребенка
-
19 сентября в 00:57График отключения электроэнергии и водоснабжения в Якутске на 19 сентября
-
19 сентября в 00:33Прогноз погоды в Якутске на 19 сентября
"Саха Сирин тимир суоллара" акционернай компания үлэһиттэрин идэлээх күнэ "Беркакит-Томмот-Дьокуускай" тимир суола төрүттэммитэ 50 сылын көрсө Амур магистралын тутуутун кытта бииргэ сөп түбэһэн бэлиэтэннэ. Ол курдук, БАМ уонна АЯМ устуоруйата быстыспат ситимнээҕин туһунан бэйэтин эҕэрдэ тылыгар генералынай дириэктэр Василий Шимохин тоһоҕолоон иһитиннэрдэ итиэннэ сылтан сыл олохтоох эдэр ыччат үлэлии кэлэрин үөрэ-көтө көрсөллөрүн бэлиэтээтэ.
Манна даҕатан эттэххэ, 2011 сыллаахха Аллара Бэстээххэ тимир суол исписэлиистэрин бэлэмниир үөрэх кыһата аһыллыаҕыттан, эдэр исписэлиистэр "Саха Сирин тимир суоллара" үлэлии киирэллэр. Эдэр испсэлиистэргэ үтүө холобурунан 2017 сыллаахтан үлэлиир инженер уонна машинист идэлээх кэргэннии Татьяна, Софрон Варламовтары ааттыыллар.