Хаҥалас улууһун Булгунньахтаах нэһилиэгэр туризм сайдан эрэр
Главное
-
27 ноября в 03:17Инициативу об избрании мэра города Якутска на основе конкурса прокомментировал Егор Борисов
-
27 ноября в 03:12Более 40 тысяч жителей Якутии пользуются мобильным приложением Госуслуги.Дом
-
27 ноября в 02:4527 ноября. День в истории - даты, события
-
27 ноября в 00:56График отключения электроэнергии и водоснабжения в Якутске на 27 ноября
Киэҥ нэлэмэн Сахабыт сиригэр туризм сайдыыта сылтан сыл саҥа таһымҥа тахсан иһэрин сынньана кэлбит дьон бэлиэтээн ааһар. Оттон Булгунньахтаах болҕомто киинигэр сылдьар сирдэртэн биирдэстэрэ. Өрөспүүбүлүкэ туроператордара Саха сирэ киэн туттар очуостарыгар мантан барар буолан, нэһилиэги кытта кэккэ үлэни ыыталлар. Кыһыл Элэһин диэн ааттаах тукулааҥҥа диэри биэрэктэн 10-15 мүнүүтэнэн устан тиийэҕин, онон сайыҥҥы бириэмэҕэ түргэн сырыылаах моторкалар тохтоло суох сылдьаллар.
Саамай элбээбитэ күҥҥэ 20-чэ рейси Өлүөнэ очуостарыгар диэри оҥоро сылдьыбыттар. Олохтоохтор бары биир киһи курдук, биир интэриэстээх үлэлэрин наардаһаллар. Сыана барыларыгар биир, ким иллэҥинэн киирбит сакаастары оҥороллор.
Дмитрий Лаврентьев, 1-кы Малдьаҕар баһылыгын солбуйааччыта: «Бу сылларга кэлии элбээн эрэр. Мин санаабар, биһи салалтабыт Саха сиригэр туризмы сайыннарыыны күүскэ киллэриитин үлэтин түмүгэ. Ону таһынан элбэх сырдатыы үлэтэ барар. Уонна кэнники кэмҥэ дьон айылҕаҕа сынньананарын ордук инники күөҥҥэ уурар быһылаах».
Тыастан-уустан, үлэттэн дьон айылҕаҕа тахсан сынньанар. Онно анаан сынньанар дьиэ билигин хас оройуон аайы баар. Маннык дьиэҕэ сынньанан, өрөөн ааспатах киһи суох. Дьон билигин табыгастаах, комфортнай сынньалаҥы сыаналыыр, турар бэйэтинэн эрэ кэлэн, барыта толору хааччыллыылаах дьиэни талар.
Акулина Львова, 1-кы Малдьаҕар нэһилиэгин олохтооҕо: «Туризм үчүгэй, дьоннор үлэттэн сынньаналара үчүгэй. Ол гынан баран култуурунайдык, чуумпутук, ыраастык сынньанан бараргытыгар көрдөһөбүн».
Эдэрдиин-эмэнниин бары туризмҥа сысталлар. Эдэр дьиэ кэргэн аныгылыы моһуоннаах сынньанар дьиэ туттан, олох саҥа ирдэбилин баттаһа иһэр. Ыччакка холобур буолар эдэр урбаанньыт саҕалааһынан туһунан иһитиннэрдэ.
Виктория Олесова, 1-кы Малдьаҕар нэһилиэгин олохтооҕо: «Бэйэбин харчыбытынан-үппүтүнэн туттубуппут. Баҕа санаам диэн, бырагыраамаҕа киирэн эбии дьиэлэри тутан иһиэхпит, бу саҕалааһын эрэ буолуо диэн эрэллээхпит».
Аҥардас Өрөспүүбүлүкэттэн эрэ буолбакка, дойду, аан дойду араас муннуктарыттан күүлэйдии кэлэллэр. Кинилэргэ анаан Сардаана Григорьева бэйэтин баҕатынан кыра маастар-кылаастары, араас бэлэхтэри, харысхаллары оҥорон атыылыыр. Кэлии омуктар саха култууратын олус интэриэһиргииллэр. Оттон олохтоохтор сылы эргиччи эдэр талаан - Сардаана маастар кылааһыгар сылдьар баҕа санаалаахтара, билигин балаҕан иһигэр олохтоохтук тэринэн Булгунньахтаах олохтоохторугар маастар кылаас ыытарын туһунан кэпсиир.
Сардаана Григорьева, 1-кы Малдьаҕар нэһилиэгин олохтооҕо: «Кыһыны быһа суруйаллар этэ кэлэн ыытыҥ диэн. Хас сыл аайы кэлэр буолбутум кыһынын. Сайын сынньалаҥ кэмигэр тэрийэн оҥоруохпун баҕарбытым».
1-кы Малдьаҕар салалтата туризм сайдыытын олохтоохтор личнэй бреннэрин сайыннарыыларыгар уонна үлэ миэстэтин таһаарыыга аныыр.