Дьокуускай 29№-дээх оскуолатын 350 миэстэлээх саҥа дьиэтэ тутулла турар

66

29-с нүөмэрдээх орто уопсай үөрэхтээһин оскуолатын саҥа дьиэтигэр тутуу үлэтэ күөстүү оргуйар.

Көтүллүбүт хаарбах дьиэ оннугар 3 мэндиэмэннээх таас уораҕай дьэндэйбит. Тутуу болдьохтон хаалыыта суох баран иһэр. Онтон аны күһүн эбийиэк туттарыллыахтаах. Ол кэннэ анал бэрэбиэркэлэри аастаҕына толору үлэҕэ киирэн, үөрэх 3-с чиэппэригэр үөрэнээччилэргэ ааннарын тэлэччи арыйара күүтүллэр. Туох үлэлэр хаалбыттарын эбийиэк маастара сиһилии кэпсиир.

Айсен Сметанин, эбийиэк маастара: «Монолитнай оттүнэн кыра хаалла. Сантехника, уот тардааһына бара турар».

Уччуутал идэлээхтэр үөрэх кыһата саҥа дьиэҕэ көһөн киирэрин долгуйа күүтэллэр. Үөрэх усулуобуйатын кытта үөрэх таһыма эмиэ лаппа үрдүөҕэ диэн сэһэргииллэр.

Марфа Яковлева, Дьокуускай 29№-дээх оскуолатын дириэктэрэ: «Үөрэх естественнай хайысхатын сайыннараары гынабыт. Физика, математика уонна лабараториялар баар буолуохтара».

Дьиэ бырайыагын оскуола учууталлара инженер идэлээхтэри, тутар тэрилтэни кытта бииргэ толкуйдаабыт буоланнар туох баар ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир, учууталлар, оҕолор баҕа санааларын толорор тупсаҕай дьиэ буолан тахсара күүтүллэр.

Марфа Яковлева, Дьокуускай 29№-дээх оскуолатын дириэктэрэ: «Кабинеттар элбииллэр, остолобуой, спортивнай, аактабай саала баар буолуо».

Оскуола куорат киинигэр турар буолан, миэстэ кырыымчыгыттан сылтаан оҕо бириэмэтин туһалаахтык атаарарыгар аналлаах былааһакка урут суох этэ. Бу кыһалҕаны инженер идэлээхтэр эмиэ быһаардылар.

Омос көрдөххө дьиэ сарайыгар оҕолор сүүрэллэригэ-көтөллөрүгэр сэрэхтээх курдук эрээри, манна куттала суох буолуу техиникэтэ барыта тутуһаллар. Маны таһынан уу хаайтарбатын гына уустук систиэмэ туруорулунна.

Айсен Сметанин, эбийиэк маастара: «Кырыыһаҕа тула таас күрүө курдук тутуллар».

29-с нүөмэрдээх орто уопсай үөрэхтээһин оскуолатыгар билиҥҥи туругунан 1450 оҕо үөрэнэр. Саҥа дьиэ толору үлэҕэ киирдэҕинэ оҕо ахсаана өссө элбиэҕэ, үөрэх таһыма лаппа үрдүөҕэ диэн төрөппүттэр уонна учууталлар долгуйа күүтэллэр.