Хаҥалас улууһун "Утум" көхтөөх уһун үйэлэнии киинэ 1 сылын бэлиэтээтилэр

172

Аҕам саастаахтар вальс үҥкүүтүгэр эргийэн киирдилэр. Манна кэлбит кырдьаҕастар бары биир иллээх дьиэ кэргэн курдук буолбуттар. Урут кистэнэ сыппыт талааннарын арыйан, доҕотторун, биир интэриэстээхтэрин булан, дьоллоох күннэрин Булгунньахтаахха атаара сылдьаллар.

Чурапчы улууһуттан сылдьар Степановтар дьиэ кэргэн бу кииҥҥэ доруобуйаларын чэбдигирдэ, тупсара кэлбиттэр. Пётр быйыл 90 сааһын туолар, оттон Баайаҕаттан сылдьар кэргэнэ Февронья 80-на. Спорду оройуттан туппут дьиэ кэргэн манна кэлэн Бэс чагда сибиэһэй салгынынан тыынан, быраастарга көрдөрүнэн үйэлэрин уһаталлар.

Пётр Степанов, Дьокуускай куорат олохтооҕо: «Сарсыарда аайы сэрээккэ оҥоробун. Булгунньах бөҕө, ону кэрийэн хаамабын, айылҕата үчүгэйэ бэрт. Иннэ гынан абыранным, улахан махтал».

Күн аайы ырыа-тойук, кэлэн баран хоско бүгэн сыппаттар, кинилэри көхтөөх иитээччилэр араас маастар кылаастарга сырытыннаран, эҥин арааска такайаллар. Сотору-сотору кэнсиэр, баян доҕуһуоллаах ырыалар уонна сайыҥҥы кэмҥэ моторканан өрүһү туоратан бизонарийга, Кыһыл Элэһин тукулааҥҥа сырытыннараллар, онон кырдьаҕастар үөрүүлэрэ үгүс.

Күҥҥэ түөртэ, саастаах киһиэхэ наадалаах аһы, аһыыллар. Күн аайы дабылыанньаларын, сүрэхтэрин тэбиитин кээмэйдэнэн, хаартачкаларыгар бэлиэтэнэллэр. Саастаах дьон эми-тому иһэригэр куруук көтүтэн кэбиһэр идэлээх, оттон манна сиэстэрэ манабылыгар сылдьан, көтүппэттэр. Манна кэлэр дьон эрдэттэн этиллибит анаалыстарын туттаран кэлэллэр - ол анаалыстар түмүктэрин көрөн, маннааҕы быраас салгыы хайдах быһыылаахтык эмтэниини ааһарын аныыр.

Олег Еремеев, Хаҥалас улууһун баһылыга: «Бу эбийиэк доруобуйа харыстабылыгар араас уларыйыылар кэмнэригэр аҥара үлэлээбэккэ турбута. Ааспыт сылга сүбэлэһэн баран бу киини арыйарга диэн бары сомоҕолоһон үлэни ыыпыппыт ».

"Утум" киин 1 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх күнүгэр саха бастакы бырааһа Георгий Слепцов стеллатыгар нэһилиэк тутаах дьоно сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Маннык киин өрөспүүбүлүкэбитигэр элбээтэҕинэ, Саха сиригэр уһун үйэлээхтэр орто саастара улаатыа этэ диэн нэһилиэк баһылыга Айталина Васильева бигэ эрэллээх. Кэрэ айылҕалаах, өрүс үрдүгэр турар, Булгунньахтаах сиригэр салгына кытары эмтииргэ дылы диэн сынньанааччылар бэлиитииллэр.