Дьокуускай эргин уонна киин улуустарга тэллэй кэмэ эрдэлээтэ

75

Атырдьах ыйа саҕаланна, уот куйаас сайыҥҥы күннэр амыраатылар. Кыра-кыралаан күһүммүт кэлэн иһэрин биллэрэр. Ону кытары тэҥҥэ сир аһа буһан, силигин ситэн эрэр кэмэ. Дьокуускай эргин ардахтаах, сииктээх күн-дьыл туран сорох тэллэйдьит номнуо быйылгы тэллэйи амсайан, сорох-сорох кыһыҥҥы хаһаастарын да мунньунан саҕалаатылар.

Тэллэй син балай да үүммүт. Ойуурга кыра-кыралаан да буоллар дьон син көстөр. Тэллэй өлгөмнүк үүнүүтэ атырдьах ыйын саҥатыгар, аҥарыгар буолар. Онон үгүс тэллэйдьит ити кэмҥэ тахсар. Онтон билигин да тэллэйдиир дьон баар.

Исай Федулов, Дьокуускай куорат олохтооҕо: «Син тэллэй баар, дьон аҕыйах. Бастакы тэллэйбитин боруобалаатыбыт. Айылҕа биэрбитин ылабыт».

Уопсайынан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сылыйыы бара турар. Өскөтүн инники сылларга сыллааҕы орто кыраадыс 10 эбит буолар буоллаҕына, билигин 7 кыраадыс. Сылыйыы 3 кыраадыһынан барбыт.

Александр Фёдоров, Арассыыйа билимин академиятын Сибиирдээҕи салаатын Ирбэт тоҥу үөрэтэр институтун дириэктэрин солбуйааччы: «-7 кыраадыс сыллааҕы температура ирбэт тоҥо суох сиргэ баар: Ленскэй, Витим уонна Иркутскай уобалас хоту өттө. Ити дойду килиимэтэ Саха сирин киинигэр кэлэн турар. Бүлүү оройуоннарыгар өссө күүскэ кэлэн турар».

От ыйын бүтүүтэ өрөспүүбүлүкэ үгүс улууһугар сөрүүтүйэн, тымныйан үгүс киһини соһутта. Ол эрэн атырдьах ыйын саҥатыгар күн-дьыл туруга эмиэ оннук буолара күүтүллэр. Бу кэлбит тымныылар уҕарыйан, эмиэ сайыҥҥы сылаас күннэр кэлэллэрэ күүтүллэр.

Саргылана Никитина, Дьокуускайдааҕы гидрометеорологическай сулууспа күнү-дьылы кэтээн көрөр салаатын салайааччы: «Кэлэр икки күҥҥэ соҕуруулуу-илин сөҥүү түһэрэ күүтүллэр. Онтон Өрөспүүбүлүкэ атын улуустарыгар сөҥүүтэ суох сөрүүн күн-дьыл туруоҕа. Кэлэр өрөбүллэргэ соҕуруу циклон киирэн Алдан, Нүөрүҥгүрү, Уус-Маайа улуустарыгар ардаҕы сорох сирдэринэн күүстээхтик түһэриэ. Арҕаа, киин улуустарга салгын температурата түүнүн +5-10, былыта суох, түүнүн -1 кыраадыска дылы түһэн соһутуон сөп. Күнүскү температура +15-20 кыраадыс».

Атырдьах ыйа күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа иһитиннэрбитинэн нуорма иһинэн буолуоҕа. Ол эрэн сорох күннэр нуорманы куоһаран, сайыҥҥылыы куйаас күннэр туруохтара, сөҥүүтэ аҕыйах, кураан күннэр тураллара күүтүллэр.