Дьокуускай 21 уулуссатыгар өрөмүөн үлэтэ ыытыллар
Главное
-
27 ноября в 05:17Юлия Белехова провела встречу с общественностью Якутии
-
27 ноября в 05:01Мошенничество в особо крупном размере. В Якутске неизвестный обманом похитил миллион рублей
-
27 ноября в 04:40В аэропорту Якутск впервые зарегистрировали миллионного пассажира
-
27 ноября в 04:12Юлия Белехова приняла участие в заседании Республиканского оперштаба комиссии "Вместе к Победе!"
Дьокуускай куорат үрдүнэн суоллары саҥардыы үлэлэрэ күөстүү оргуйаллар. Быйыл сыл тиһэҕэр уопсайа 21 суол өрмөнүөннэн бүтүөхтээх. Рыдзинского уулусаҕа билигин ардах, хаар уута түһүөхтээх лотоктары уураары сирдэрин бэлэмнииллэр. Григорий Степанов - устудьуон уол сайыҥҥы сынньалаҥын кэмигэр таах сыппакка 2-с ыйын харчы өлөрө таарыйа үлэлии-хамсыы сылдьар. Эдэр үлэһит үчүгэй хаачыстыбалаах, тупсаҕай суол оҥоһуллан эрэр диэн эрэнэр уонна дьону-сэргэни эрэннэрэр.
Григорий Степанов, суол үлэһитэ: «Манна лоток уураары уутун сүүрдэ сылдьабыт. Үчүгэй суол буоларыгар кыһалла сылдьабыт».
Рыдзинского уулусса 404 миэтирэ усталаах сиригэр буора бүтүннүү уларыйда, канализация уутун каналлара сир анныгар көмүлүннүлэр. Үлэһиттэр этэллэринэн үлэни харгыстыыр улахан күчүмэҕэйдэр көстүбэттэр уонна көстүбэттэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахтар.
Евгений Аржаков, Бэдэрээччит тэрилтэ үлэһитэ: «Оруобуна кыраапыгынан баран иһэбит. Ыам ыйыттан саҕалаабыппыт, ыарырҕатыыта суох үлэ бара турар».
Можайскай аатынан уулусаҕа үлэ түмүктүүр түһүмэххэ тиийэн турар. Атырдьах ыйыгар номнуо 3 араҥалаах аспаал кутуутун үлэтэ түмүктэниэхтээх. Алтынньы ыйга бытархай хаалбыт үлэлэр бүтүннүү бүтүөхтээхтэр. Оччоҕуна саҥа тупсаҕай, кэтит суол суоппардары, сатыы да сылдьааччылары үөрдүөҕэ.
Дьулустаан Тартакынов, Можайскай аатынан уулусса суолугар ыытыллар үлэ учаастагын салайааччыта: «Киһи хараҕар быраҕыллыбат үлэлэр элбэхтэр. Суол кытыыта, киһи хаамар сирэ, уу ыытар сир, уот тардааһын. Бу чааһынан үлэлэр хаалан тураллар».
Урут Можайскай уулусса уонна Маҕанныыр суол быһа охсуһар сиригэр сарсыарда, киэһээ ахсын массыына элбэҕиттэн сылтаан айан уустугарар, ардыгар суол олох турар эбит буоллаҕына, билигин айан суола кэҥээн уонна круговой эбиллэн балаһыанньа хас да бүк тупсара күүтүллэр.
Киин куорат уулуссаларыгар үлэ бөҕө бара турарын көрөн дьон сэргэ үөрүүтэ үгүс. Үлэлэр бүтүннүү түмүктэнэллэрин долгуйа күүтэллэр, суолу кытта олох усулуобуйата эмиэ тупсуоҕа диэн бигэ эрэллээхтэр.
"Куттала суох хаачыстыбалаах айан суоллара" национальнай бырайыак чэрчитинэн өрөмүөн үлэлэрэ бэрт тэтимнээхтик, болдьохтон хойутаабакка баран иһэллэр. Аны маҥнайгы хаар түһүөр диэри былааннаммыт үлэ барыта ситэн-хотон бэлэм буолуоҕа.