Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкокииҥҥэ ангиограф диэн ураты аппараты туттан саҕалаатылар
Главное
-
27 ноября в 05:17Юлия Белехова провела встречу с общественностью Якутии
-
27 ноября в 05:01Мошенничество в особо крупном размере. В Якутске неизвестный обманом похитил миллион рублей
-
27 ноября в 04:40В аэропорту Якутск впервые зарегистрировали миллионного пассажира
-
27 ноября в 04:12Юлия Белехова приняла участие в заседании Республиканского оперштаба комиссии "Вместе к Победе!"
Айсен Федоров - Дьокуускайдааҕы онкологическай диспансер рентгенохирургияҕа салаатын сэбиэдиссэйэ. Бу ангиограф диэн ураты аппарат көмөтүнэн пациеҥҥа травмата суох тымырынан киирэн эппэрэссийэ оҥоруохха сөп. Оборудование икки плоскопанельнай детектордаах, кинилэр нөҥүө эппэрэсийэ кэмигэр хас да өттүттэн толору хаачыстыбалаах түһэрии ылар кыахтаахтар, ону тэҥэ искэҥ тымырдарын бүөлүүр уонна УЗИга кыайан көстүбэт искэҥнэри анализтыыр биопсия ылар эбии функциялаах.
Айсен Фёдоров, СӨ онкологическай диспансерын рентгенохирургияҕа салаатын сэбиэдиссэйэ: «Быар искэҥнэригэр тымырын бүөлүүргэ аналлаах, рентген көмөтүнэн. Тымырдары сырдатар синньгэс катетер диэн баар, онон искэҥ тымырыгар эмп таммалатаҕын, химиотерапия искэҥҥэ эрэ буолар уонна ол тымырын бүөлээн кэбиһэҕин, оччоҕуна искэҥ кыччыыр».
Бу аппарат кэлэ илигинэ маннык этиллибит диагностаах ыарыһахтар Москва, Санкт-Петербург курдук бэдэрээлинэй киин куораттарыгар тиийэргэ күһэллэллэр этэ. Мантан инньэ уустук үрдүкү технологиялаах эппэрээссийэлэри бэйэбит онколог-хирургдарбыт оҥорор буоллулар. Ренгенохирургия салаата эргэ корпустан соторутааҕыта көһөн кэлэн, хас биирдии быраас эбии 4 ыйдаах үөрэх ааһан, саҥа оборудованиеларынан үлэлиир кыахтаннылар. Саҥа ангиограф аппараты туттан саҕалаан эмтээһин күннэтэ көхтөөхтүк ыытыллар. Олунньу ыйга Саха сиригэр онкокиин саҥа дьиэтэ үлэҕэ киирэн аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир оборудованиенан толору хааччыллынна. Ол курдук быйыл сыл аҥарыгар уопсайа 60-тан тахса араас оборудование ылыннылар.
Феодосия Иванова, СӨ кылаабынай онколога,СӨ онкологическай диспансерын эмтээһин салаатын салайааччы: «Видеоэндоскопиескай комплекстар, ол курдук урологическай, гинекологическай ис органнарга уонна ЛОР органнарыгар үрдүк таһымнаах эппэрэссийэлэри оҥорор оборудованиялары ыллыбыт. Диагностика өттүгэр сүрдээх элбэх оборудование ыллыбыт, чуолаан көмпүүтэринэй томограф саҥа экспертинэй кылаастаах».
Саҥа киин түөрт блоктан турар, ыарыыны быһаарар эксперт-кылаастаах тэриллэринэн хааччыллыбыт. Онон искэҥи эрдэ булар кыах баар буолбут. Лаборатория салаатын күүһэ эмиэ биллэ улааппыт. Этиллибитин курдук, эрдэ бэдэрээлинэй кииҥҥэ ыытыллар анаалыстары миэстэтигэр оҥорор буоллулар. Исписэлиис ахсаана икки төгүл элбээтэ. Саҥа киин тутулла илигинэ сылга икки аҥар тыһыынча эппэрээссийэ оҥоһула сылдьбыт буоллаҕына бу сыыппара быйылгыттан икки төгүл эбиллиэҕэ.
Онон саҥа киин Саха сиригэр онкология ыарыыларын быһаарыыга уонна эмтээһиҥҥэ баар кыһалҕаларын быһаарар кыахтаах. Маныаха аныгы оборудованиеларынан хааччыллыы искэҥ курдук ыарахан ыарыыны эмтээһин ньымаларын кэҥэтэн, эмчиттэргэ күүс-көмө, эбии тирэх буолара саарбаҕа суох.