СПИД, ВИЧ уонна Гепатит ыарыыларыгар сыл ахсын ыытыллар босхо аахсыйа
Главное
Дьокуускай куорат олохтооҕо Любовь Рожина куорат сынньалаҥ пааркатыгар аахсыйа буоларын истэн кэлбит. Дьүөгэтинээн иккиэн бүгүн кэлэн, хаан туттардылар. Урукку кэмҥэ быарынан ыалдьа сылдьыбыт буолан, бу аахсыйа тоҕоостооҕун бэлиэтээтэ. Аҕыйах мүнүүтэнэн кини түмүгүн билиэҕэ.
Любовь Рожина, Дьокуускай куорат олохтооҕо: «Пааракаҕа кэлэрдээх буолан таарыччы босхо анаалыс туттардым. Түмүгэ 10 мүнүүтэннэн, ону күүтэ сылдьабын».
От ыйын 22 күнүттэн Саха сирин үрдүнэн быар ыарыытын уҕарытар сыаллаах нэдиэлэ биллэриллибитэ. Ол чэрчитинэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи "СПИД-киин" тэрийиитинэн Дьокуускай куорат сынньалаҥ пааркатыгар биир күннээх аахсыйаны тэрийдэ. Манна буор босхо, экспресс-туругутук оҥороллор.
Бу кып-кыра туругутугунан киһи тутатынан гепатит Б уонна С инпиэксийэлэрин, туберкулез, сифилис, ВИЧ-ыарыы баарын суоҕун билэр. Бу 4 көлүөнэ тиэстэр буолаллар. Чопчу быһаарара 96% тэҥнэһэр.
Лилия Данилова, СӨ "СПИД-киинэ" инфекционист-бырааһа: «Хроническай гепатиттарга Өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх тэрээһиннээх үлэ ыытыллар. Эрдэттэн симптома суох ааһыан сөп. Ол иһин сыл аайы көрдөрүнүөххэ наада. Эккит саһардаҕына, сэниэ суох буоллаҕына, аһыыр санаа намтаатаҕына бырааска хайаан да көрдөрүөххэ наада».
Аахсыйаҕа дьон көхтөөхтүк кытынна, чахчы, балыыһаҕа өр уочаракка турбакка, манна начаас түмүк биллэрэ үчүгэйин тэрээһин кыттаччылара тоһоҕолоон эттилэр.
Билигин ый аайы ортотунан 20-тан тахса киһи учуокка ылыллар. Бу ахсааҥҥа аҥардас бырааска көрдөрбүттэр эрэ тураллар, онтон иммунитеттара күүстээх дьон билбэккэ да сылдьыахтарын сөп. Онон маннык аахсыйа дьиҥ ыалдьа сылдьар дьоҥҥо олус тоҕоостоох.