Сунтаарга улахан бассейн тутулла турар

83

Сунтаарга улахан бассейн тутуута тэтимирэр, бу сыл бутэһигэр тутуллан бүтэрэ күүтүллэр. Тутааччылартан билигин үлэлии сылдьар 30 киһиэхэ эбии, тутууга уопуттаах дьону аҕалыахтара. Улуус баһылыга Анатолий Григорьев маннык баараҕай, тыа сиригэр уустук тутуу хаамыытын билистэ. Үлэ хаамыытын хонтуруолга тутан, хайдах быһыылаахтык бара турарын көрдө. Бу туһунан тутуу бэдэрээччит сүрүн инженерэ Дмитрий Прокопьев иһитиннэрдэ.