Саха сиригэр оттооһун үгэнэ
Главное
Дьокуускай. Күөх Хонуу. Ходуһа устун тыраахтыр тыаһа тигиниир. Бу Степан Макаров отун номнуо оттоон рулоннарын наардыыр. Степан бэйэтэ бөдөҥ сылгы хаһаайыстыбалаах, куорат эргин Үс Хатыҥҥа базалаах. Сылгыларын кыстыыр отун мантан Күөх Хонууттан сүрүннээн булунар. Быйыл манна от үүнүүтэ куһаҕана суох диир. Күөх Хонууну сыллата уу ылар буолан үүнүү өрүү этэҥҥэ буолар. Тиэхиньикэ көмөтүнэн үлэбитин нэдиэлэ ордугунан үмүрүттүбүт диэн Степан кэпсиир.
Степан Макаров, сылгы хаһаайыстыбатын салайааччы: «Тиэхиньикэ баар буолан чэпчэкитик үлэлээтибит. Оппутун булуннубут. 8 күн иһигэр 30 туонна оттоотубут».
Дьокуускай куорат үрдүнэн быйыл хаһаайыстыбалар кэтэхтэр холбоон 11 тыһыынча туонна оту оттуохтаахтар. Куорат эргин нэһилиэктэргэ Хатаска, Тулагы-Киллэмҥэ халаан уута ааһан от үүнүүтэ арыыга даҕаны, сыһыыларга, ходуһаларга даҕаны үчүгэй. Ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, быйыл киин куоракка ынах-сүөһү, сылгы ииттиэн баҕалаах дьон ахсаана эбиллибит.
Владимир Аржаков, Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы: «Уопсайа Дьокуускай куоракка 118 хаһаайыстыбалаахпыт. Сүөһүбүт ахсаана – 3700, сылгы – 3400. Былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ эбиллии баар».
Былырыын хаһааҥҥытааҕар даҕаны үтүө, өҥ сайын туран, кыстыкка киириигэ былааннаммыт от барыта оттоммута. Ол курдук ааспыт сайын өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 463 тыһыынчаттан тахса от оттонон, былаан 101% туолбута. Оттон быйыл от үүнүүтэ ортоттон намыһах.
Вячеслав Гаврильев, СӨ ТХМ үүнүүгэ уонна материальнай-техническэй хааччыллыыга департаменын салайааччы: «Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 435 тыһ. туонна оту былаанныыбыт. Ону таһынан 29 тыһ. туонна сиилэһи угуохтаахтар хаһаайыстыбалар. 14,3 туонна сенаж оҥоруохтара».
Үгүс улуустарга киин, илин эҥэрдэргэ даҕаны быйыл курааннаан былааннара туолбат чинчилээх. Чуолаан Чурапчы, Өлүөхүмэ улуустарыгар. Маныаха мобильнай биригээдэлэр көмө буолуохтара. Кинилэр тэйиччи сытар сирдэринэн оттуохтара, улуустарынан көҥүл хотуур биригээдэлэр тэриллиэхтэрэ.
Ыам, бэс ыйдарыгар аанньа ардах түспэккэ, курааннаата, от да ыйа улахан сөҥүүтэ суох. Онон былааннаммыт оту бары күүһү-кыаҕы ууран туран булунар сорук турар. Эбиитин ойуур баһаардара эмиэ улахан кутталы үөскэтэллэр. Аҕыйах сыллааҕыта өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн икки тыһынчаттан тахса туонна от уокка былдьанан улахан хоромньу тахсыбыта.