Сөтүөлүүр сирдэргэ сэрэхтээх буолар ирдэнэр
Главное
-
27 ноября в 09:14Руководитель Комитета семей воинов Отечества приняла участие в заседании комиссии "Вместе к Победе!"
-
27 ноября в 08:41Парламентом Якутии во втором чтении принят законопроект о государственном бюджете
-
27 ноября в 08:00Бюджет территориального фонда ОМС Якутии увеличен на 9,7 млрд рублей в 2025 году
-
27 ноября в 07:31Более 29 тысяч жителей Якутии получили знаки отличия комплекса ГТО
Үөрэтэр-такайар инструктордар күн ахсын үлэлииллэр, саҥа холонооччуларга күүс-көмө буолаллар. Онон хайа баҕар баҕалаах сапборд - успуорт, сынньалаҥ саҥа көрүҥүн холкутук баһылыаҕын сөп. Инструктор идэлээхтэр иккис холонууга киһи номнуо үөрэнэн, ыарырҕаппакка сылдьыаҕын сөп диэн бэлиэтииллэр.
Сахамир Родионов, инструктор: «Сапбордка хатааһылыаххын баҕарар буоллахына ууга көнөтүк турарга бэлэм буолуохтааххын. Саҥа туран эрэр киһи 1-2 сырыттаҕына син үөрэнэр».
Киһи холкутук, ыксаабакка биир чаас устата сапбордунан уста сылдьан 300-тэн тахса калорий уматыаҕын сөп. Онон ырааччыларга, чөл олоҕу тутуһааччыларга бэрт табыгастаах көрүҥ. Номнуо боруобалаабыт дьон үөрэнэргэ холку, олус туһалаах уонна бэһиэлэй успуорт диэн бэлиэтииллэр.
Сапборд көрүҥү киһи сааһыттан тутулуга суох эдэриттэн кырдьаҕаһыгар тиийэ баһылыаҕын сөп. Дьон-сэргэ оҕолуун уруулуун бүтүн дьиэ кэргэнинэн даҕаны дьарыктаналлар, сынньаналлар диэн ууга устар тэриллэри арендалыыр үлэһиттэр бэлиэтииллэр.
Денис Павлов, сапборд арендалыыр тэрилтэ салайааччыта: «Дьарык курдук буолар. Эдэрдэр да саастаахтар да күрэхтэһэллэр, куоталаһаллар».
Сапбордтуур дьону анал инструктор кэтиир, дьарыктанар киһи быыһыыр сэлиэччиктээх буолан куттала суох буолууну хааччыйыы үрдүк таһымнаах. Онтон сөтүөлүүр пляжка ити чааһыгар уустуктардаах.
Кэнники кэмҥэ уу таһыма күүскэ түстэ. Ууга дириҥ оҥхой ахсаана элбээбитин бэлиэтииллэр. Онон быыһааччы идэлээхтэр буйтартан ыраатымаҥ уонна саамай сүрүнэ оҕолоргутун көрө-истэ сылдьыҥ диэн сүбэлииллэр.
Павел Гуляев, быыһааччы: «Төрөппүттэр оҕолорун үчгэйдик көрө-истэ сылдьыахтарын наада. Ынырык элбэх оҕо кэлэр, барыларын биһиги син биир көрбөппүт. Төрөппүт оҕотугар эппиэтинэс ылар, хараҕын далыгар илдьэ сылдьыахтаах».
Дойду үрдүнэн аҥардас ааспыт субуота уонна өрөбүл иһигэр 66 киһи ууга тимирэн суорума суолланна, онтон сэттэтэ кыра оҕо. Бу хомолтолоох статистика күн-түүн эбиллэн иһэр. Онон хас биирдии киһи ууга мээнэ түбэһиэх сиргэ киирбэккэ, сэрэнэн сырыттаҕына сынньалаҥ кутурҕаҥҥа тиэрдэр куттала аччыыр тустаах диэн быыһааччылар санаталлар.