Саха сиригэр сибиэһэй оҕуруот аһын кэмэ үүннэ
Главное
-
27 ноября в 10:11На двух ледовых переправах Якутии увеличена грузоподъёмность
-
27 ноября в 09:58Отборочные этапы конкурса "Моя профессия – ИТ" стартовали в районах Якутии
-
27 ноября в 09:39Якутия продолжает направлять технику и гуманитарную помощь в зону СВО
-
27 ноября в 09:14Руководитель Комитета семей воинов Отечества приняла участие в заседании комиссии "Вместе к Победе!"
Ырыынакка атыы-тутуу үгэнэ. Билигин оҕуруот аһа, фрукта эгэлгэтэ дэлэйэн күөх, кыһыл битэмииннээх ас хотойорунан тэлгэммит. Олохтоох оҕуруоччуттар үүнүүлэрэ быйыл куһаҕана суох. Бэйэ оҕурсута, помидора, хаппыыстата, кабачога, редиската, биэрэһэ элбэх, бэл сибиэһэй хортуоппуй кытта номнуо атыыга тахсыбыт. Сыананы ылар буоллахха ботуччу, атыыһыттар этэллэринэн былырыыҥҥыттан сыана ортотунан 15-20-чэ кэриҥэ бырыһыанынан үрдээбит. Холобура, сибиэһэй хортуоппуй киилэтэ 250, хаппыыста 120 солкуобайга тураллар. Олохтоох оҕурсу дэлэйэн сыана кэм түспүт, киилэтин 80 солкуобайтан саҕалаан ылыахха сөп, помидор 280-300 солкуобайга турар.
Акулина Корякина, атыыһыт: «Олохтоох ас элбээбит. Билигин оҕурсу, помидор уонна фрукталары ылаллар».
Олохтоох оҕуруот аһа сүрүннээн Тулагы-Киллэмтэн, Жатайтан, Мархаттан, Хатастан кэлэ турар. Дьон сылдьыыта көхтөөх. Ким фрукта, ким оҕуруот аһын амсайыыга ылар. Людмила, Петр Обутовтар күннээҕи сииргэ диэн хортуоппуй, луук, фарш атыылаһа кэлбиттэр. Биэнсийэлээх дьон хармааныгар ырыынак сыаната охсуулаах диэн санааларын үллэстэллэр.
Людмила, Пётр Обутовтар, Дьокуускай олохтоохторо: «Хортуоппуй, оҕурсу, луук, эриллибит эт. Бэнсийэлээх дьоҥҥо сыана ыараабыт».
Оттон хоту улуустан Өлөөнтөн оҕолорун кытта уоппускаҕа Дьокуускайга кэлэ сылдьар Зоя Толбонова оҕуруот аһа, фрукта сыаната удамыр диэн этэр. Зоя Николаевна кыыһынаан арбуз, банан атыылаһа сылдьаллар.
Зоя Толбонова, Өлөөн улууһун олохтооҕо: «Биһиэхэ холоотоххо сыаналара син ама. Биһиэхэ фрукта киилэтээ 600 р. Биһиэхэ сөмөлүөтүнэн кэлэр буолан ыарахан».
Кэлии кулбуника, черешня, сугун, малина ырыынакка дэлэй, оттон олохтоох сир аһа тас өттүгэр атыыга тахса илик. Арай иһирдьэ үүт ас отделыгар сибиэһэй дьэдьэн, хаптаҕас барыанньата кыралаан атыыга тахсыбыт. Сыана олох үрдэ суох барбыт.
Оттон көмүскэ тэҥнээх сыаналаах бэйэ дьэдьэнин атыылаһыан баҕалаах баар эбит. Дьон амсайыыга ылаллар диэн атыыһыттар этэллэр.
Римма Корякина, атыыһыт: «Бэҕэһээ дьэдьэн барыанньата кэлбитэ. Кэлээт да бүтэн хаалла».
Хаптаҕас барыанньата 500-чэ кэриҥэ грамма 400 солкуобайга турар. Мантан инньэ сугун, моонньоҕон, отон атыыга тахсыахтара турдаҕа. Быйыл ким бэйэтэ сир астаабыт, ол кыһыҥҥы уһун күннэрин минньигэс барыанньалаах керсүөҕэ. Билиҥҥи кэмҥэ үксүн тыа дьоно сир мааны бэлэҕин айаҕар буолбакка, эбии дохуот киллэринэр сыалтан хомуйар.