Хаҥалас улууһун Бөртө хаһаайыстыбата үүт, эт аһы оҥорор
Главное
-
27 ноября в 09:39Якутия продолжает направлять технику и гуманитарную помощь в зону СВО
-
27 ноября в 09:14Руководитель Комитета семей воинов Отечества приняла участие в заседании комиссии "Вместе к Победе!"
-
27 ноября в 08:41Парламентом Якутии во втором чтении принят законопроект о государственном бюджете
-
27 ноября в 08:00Бюджет территориального фонда ОМС Якутии увеличен на 9,7 млрд рублей в 2025 году
"Бөртө" хаһаайыстыба сарсыардааҥҥы үлэтин түбүгэ. Эт сыаҕар оҥоһуллан тахсыбыт астары наардыыллар. Оҥоһуллан тахсыбыт кэтилиэттэри салаппааннаан, салгыы тоҥорууга ыыталлар. Хаһаайыстыба оҥорон таһаарар аһа, табаара баһаам.
Василий Кривошапкин, "Бөртө-Ас" переработчига: «Буотарах, кэтилиэт. Сүрүн үлэлиир кэммит алтынньы ыйтан саҕаланар. 300-чэ төбө сүөһү, убаһа астаналлар».
Оттон аттынааҥҥы дьиэҕэ үүт ас сыаҕа турар. Манна эмиэ күннэтэ үрүҥ илгэни үрүлүтэн ас арааһа оҥоһуллан тахсар. Күннэтэ 4 туонна үүтү эрийэннэр, нэһилиэнньэҕэ хамаҕатык батараллар. Хаҥалас улууһун иһинэн эрэ буолбакка, киин куоракка кытары ыыталлар.
Владимир Сметанин, "Бөртө-Ас" үүт сыаҕын маастара: «Уопсайынан суорат 100-тэн тахса лиитэрэ, йогурт эмиэ оннук, иэдьэгэй 50 кг курдук тахсар. Арыы 120кг курдук тахсар. Күҥҥэ үүт 4 туонна буолар, кэтэхтэн эмиэ туттараллар».
"Бөртө" хаһаайыстыба саамай аатырар аһа - сүөгэй. Онно эбии биэлэрин ыан кымыс оҥорон таһаараллар. Оннооҕор йогурт оҥорон нэһилиэнньэҕэ хамаҕатык батараллар. Араас амтанын барытын таһаараллар.
"Бөртө" хаһаайыстыба 2 тэрилтэҕэ арахсан үлэлиир. Сылгы собуота уонна Бөртө-Ас. Манна барыта холбоон 120-чэ киһи үлэлиир. Ынах, сылгы көрөн бэйэ аһын оҥорон таһаараллар.
Геннадий Аммосов, “Бөртө” хаһаайыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы: «Ынахпыт ахсаана 1000-тан тахса. Ол иһигэр ыанар ынах 400-тэн тахса. Борооннор тыһаҕастар 300-тэн тахса, сайылыкка бардылар. Ынахтарбытыгар калмык боруодата баар. Ыаммат бороудалар, эккэ бараллар».
Бу курдук "Бөртө" хаһаайыстыба бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга сылтан сыл көрдөрүүтүн тупсарар. Даҕатан эттэххэ, бу салааҕа көрдөрүүнү тупсарыы Саха Өрүспүүбүлүкэтин салалтатыгар сүрүн суолталаахтартан биирдэстэрэ. Бэйэ минньигэс уонна инэмтэлээх аһа - доруобуйа мэктиэтэ.