Горнай улууһугар түөрт ойуур баһаара бэлиэтэнэр
Главное
-
26 ноября в 15:05В Якутию с рабочим визитом прибыла руководитель комитета семей воинов Отечества Юлия Белехова
-
26 ноября в 14:37Соболь, песец и лисица. Звероводческие хозяйства Якутии наращивают производство пушнины
-
26 ноября в 14:1015 тысяч кубов снега вывезено из Якутска на специальный полигон
-
26 ноября в 13:08Более 30 тысяч обращений жителей Якутии принято филиалом госфонда "Защитники Отечества"
Оҕуруктаах ойуур баһаарыгар билигин дьон тиийбэтэ кэккэ ыарахаттардаах. Куйаас, тыаллаах күннэр тураннар эбии уустуктары таһаарар. Уот үөһэнэн көтөн барар. Ону хонтуруоллуурга элбэх киһи наада. Сирэ-уота маардаардаах, үрэхтэрдээх буолан, тиһиликтээх тыраахтырдар миэстэтигэр тиийэллэригэр туспа кыһалҕаны көрсөллөр.
Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар эрэгийиэннээҕи уонна бэдэрээлинэй таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимнэрэ салҕаналлар. Маны сэргэ, муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимнэрэ Абый, Бүлүү, Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Ленскэй, Уус Маайа, Өлүөхүмэ улуустарыгар салҕаналлар.
Ону тэнэ, илин эҥэр улуустарга баһаар эмиэ бэлиэтэнэр. Бүгүҥҥү туругунан Горнай улууһугар түөрт ойуур баһаара баарын иһитиннэрдилэр. Сиһилии улуус лестничествотын салайааччыта Ирина Алексеева билиһиннэрдэ.