АГАТУ күөх тыаны чөлүгэр түһэрии үлэтин ыытар
Главное
-
27 ноября в 10:38Депутаты Гордумы приняли проект бюджета города Якутска на 2025-2027 годы в первом чтении
-
27 ноября в 10:11На двух ледовых переправах Якутии увеличена грузоподъёмность
-
27 ноября в 09:58Отборочные этапы конкурса "Моя профессия – ИТ" стартовали в районах Якутии
-
27 ноября в 09:39Якутия продолжает направлять технику и гуманитарную помощь в зону СВО
Көрүөххэ сэдэх көстүү, кып-кырачаан бэс мастар күн диэки тардыһан күүс-уох эбинэн, үүнэ тураллар. Оттон бу Арктическай судаарыстыбаннай агротехнологическай университет Өктөмнөөҕү филиалын биир ураты бырайыага - мас питомнига. Быйыл сааскыттан саҕалаан, бэс маһы сиэмэнэн олордон, күн бүгүн манна хартыына бу курдук. Билигин бэс масчааннар уһуннара 2-3 см тэҥнэһэр, былаан быһыытынан 8 см тиийэ улаатыахтаахтар.
Агафья Платонова, Арктическай судаарыстыбаннай агротехнологическай университет Өктөмнөөҕү филиалын кылаабынай научнай үлэһитэ, тыа хаһаайыстыбатын наукатын хандьыдаата: «Бастатан туран липпэ симпиппит онтон сиэмэ ыспыппыт. Теплицэҕэ туругун көрөбүт. Билигин ситэ кассеталары толоробут. Таххыбатах оннугар саҥаны угабыт. Үлэһиттэр субуотунньуктаан бары үлэлиибит. Сайынын икки үлэһит ыллыбыт. Барытын суоттаан кэтээн көрөн кутабыт».
Бэс мас этэҥҥэ үүнэн тахсарыгар манна туох баар ирдэбил барыта тутуһуллар: температурнай эрэһиим, сиик, салгын оонньооһуна маныаха араас үөннэр сиэбэттэригэр туһуланан эмтэнии түһүмэхтэрэ ыытыллыбыттара итиэннэ уоҕурдуу. Үлэһиттэр бэлиэтээн этэллэринэн, маһы үүннээрии атын үүнээйилэрдээҕэр олох туспа ирдэбиллээх.
Манна даҕатан эттэххэ, тустаах үөрэх кыһатыгар быйыл аан бастакытын мас питомнига тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Бу сыалтан Өлүөхүмэ улууһун Солянкатын лесопитомнига олоччу Өктөмҥө көһөн кэлбитэ. Айылҕаны чөлүгэр түһэрии бырайыак чэрчитинэн бу бэстэр Горнай улууһугар тиийэн олордуллуохтара.
Васёна Устинова, Арктическай судаарыстыбаннай агротехнологическай университет Өктөмнөөҕү филиалын дириэктэр эбээһинэһин толорооччу: «Манна 110 тыһ. олордуу теплицэтэ. Барыта учууталлар үөрэнээччилэр күүстэринэн тутуллубута. Көрөөһүнүн практика чэрчитинэн ааһар. Биһи университетпыт ойуур саҥардар куонкурус кыайбыта. Онон Горнай улууһугар 200-тэн тахса гектарга ойуур олордооһуҥҥа кыттабыт. Биһиэхэ саҥа уопут буолар».
Сыллата ойуур баһаардарын содулуттан үгүс элбэх мастарбыт уокка былдьанналлар, оттон бу биллэн туран ойуур пуондатыгар улахан хорумньуну аҕалар. Маныаха хас биирдии мас бэйэтинэн үүнүүтэ уһун унньулҕаннаах кэми ирдиир, онон тустаах бырайыак айылҕаны сөргүтүүгэ сүҥкэн оруоллаах.