Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйөөһүн салҕанар
Главное
-
27 ноября в 11:38В Якутске ограничат движения транспортных средств по ул. Кулаковского на участке от ул. Дежнева до остановки "КФЕН"
-
27 ноября в 11:38Глава Якутии обсудил с Вячеславом Штыровым вопросы развития энергетики
-
27 ноября в 11:20В Дорожном фонде Якутии объём заложенных средств превысит 60 млрд рублей
-
27 ноября в 11:1233 фильма от Якутии представлено на Всероссийском конкурсе "Дальний Восток — Земля приключений"
Күн өрөбүлэ суох балтараа сыл устата "Боевые шелкопряды" диэн анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга көмө буолар сыаллаах волонтёрдар сыахтара үлэлээтэ. Уонна бүгүҥҥү күҥҥэ сыах ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы турар. Байыастары утарсааччы хараҕыттын уонна дронтан кистиир сиэккэлэри өрөллөр. Тамара Попова сыах арыллыаҕыттан ыла тиһигин быспакка үлэлии-хамсыы сылдьар.
Тамара Попова, "Боевые шелкопряды" волонтёрдар хамсааһыннарын салаатын салайааччы: «Маскировочнай ситимнэр хас биирдии саллаакка уонна тиэхиньикэҕэ анаан оҥоһуллаллар. Наһаа наадалаахтар диэн күн-түүн сайаапка бөҕө ыыта сыталлар».
Мария Никифорова 82 саастаах ытык кырдьаҕас сыахха үлэлээбитэ сылтан ордук кэм ааспыт. Байыастарбыт этэҥҥэ доруобай, кыайыы аргыстаах дойдуларыгар эргиллэн кэлэллэрин туһугар үлэлиибит диэн кэпсээтэ. Бэйэтин аймахтара эмиэ анал байыаннай дьайыыга сылдьаллар, оннон үлэлиир-хамсыыр баҕа санаам күүһүрэр диэн сэһэргээтэ.
Мария Никифорова, волонтёр: «Дьоннорбут сылдьаллар. Онно сылдьар кэмнэригэр туох эмэ көмө буолаарыбыт диэн сылдьабыт».
"Боевые шелкопряды" волонтёрдар хамсааһыннара оҥорон таһаарар сиэккэлэрэ байыастар өттүлэриттэн үгүс биһирэбили ылар. Онон сакаас күннэтэ тохтообокко киирэр.
Саха сиригэр оҥоһуллубут сиэккэлэр тулалыыр айылҕаны кытта ордук силбэһэллэр диэн байыастар хайгыы саныыллар. Онтон да атын хаачыстыбаларын сыах үлэһиттэрэ сиһилии кэпсээтилэр.
Мария Никифорова, волонтёр: «Биһи сиэккэбитин наһаа сөбүлүүллэр. Саха сиригэр оҥоһуллубут сиэккэҕэ дрон кэлэн түстэҕинэ эстибэккэ кыбыллан хаалар үһү».
Сиэккэлэри оҥороллорун таһынан сыах үлэһиттэрэ байыастарга бэлэхтэри ыытан күндүлүүллэр. Араас харысхалларынан, иконаларынан, алгыс сиэрин ыытарга тустаах отторунан, сиэллэринэн уонна да атын малынан-салынан анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьону үөрдэллэр.
Вера Егорова, волонтёр: «Дьахталлар кэппэт соннорун аҕалаллар. Онон маннык олбоҕу оҥоробут. Тиэхиньикэҕэ мантыкаларын илдьэ сылдьаллар. “Якутские олбохи” диэн нуучча уолаттара наһаа сөбүлээбиттэр этэ».
Волонтёрдар үбүлээһин өттүнэн улахан өйөбүллэрэ суох. Онон бэйэлэрин пенсияларыттан ким төһөнү кыайарынан кыттыһан бүддьүөттэнэллэр. Ол да буоллар тиһиктэрин быспакка байыастар көмөҕө наадыйалларын тухары үлэлиир-хамсыыр баҕа санаалаахтар.