Дьокуускайга ДСК оройуонугар саҥа оскуола тутулла турар
Главное
-
27 ноября в 11:20В Дорожном фонде Якутии объём заложенных средств превысит 60 млрд рублей
-
27 ноября в 11:1233 фильма от Якутии представлено на Всероссийском конкурсе "Дальний Восток — Земля приключений"
-
27 ноября в 10:49Стартовал второй этап "Большого дальневосточного квеста"
-
27 ноября в 10:38Депутаты Гордумы приняли проект бюджета города Якутска на 2025-2027 годы в первом чтении
Киин куоракка Автодорожнай уокурукка саҥа оскуола сотору кэминэн дьэндэйиэҕэ. Үс этээстээх, бүтүн 990 оҕону батарар үөрэх кыһатын тутуу икки сыллааҕыта саҕаламмта. Саҥа оскуола сүрүн уратытынан манна доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго анаан сөптөөх усулуобуйаны тэрийэхтэрэ. Ол курдук оскуолаҕа киириигэ пандус, лифт, кылаастарга коляскаҕа олорор оҕоҕо миэстэлээх буолуоҕа. Маны тэҥэ тутуу технологията эмиэ ураты, өр сылларга хамсаабакка турар, сир хамсааһынын кытта уйар бөҕө дьиэ буолара күүтүллэр.
Николай Семёнов, эбийиэк прораба: «Билиҥҥи ирдэбилинэн эбийиэк 7 бааллаах сейсмоустойчивай буолуохтаах. Билигин 200 үлэһит үлэлии сылдьар. Эрдэ былааннаабыппытынан үлэлии сылдьабыт».
Оскуолаҕа билигин ис-тас үлэлэр көхтөөхтүк ыытылла тураллар. Эбийиэк уопсай бэлэмэ алта уонтан тахса бырыһыан. Этээстэринэн отделка үлэтэ барар, ону тэҥэ тас өттүгэр тупсарыы үлэлэрин саҕалаатылар. Оскуолаҕа отуттуу оҕону батарар 33 кылаас баар буолуоҕа, 540 миэстэлээх остолобуой, медблок, икки улахан спортивнай саал, 300 миэстэлээх актовай саал, бибилэтиэкэ уонна онтон да атын туһааннаах кабинеттар баар буолуохтара.
Оскуола Иван Кульбертинов аатынан уулуссаҕа тутулла турар. Манна ДСК, Звезднай, Ильинка, Птицефабрика түөлбэлэрэ, ону тэҥэ 10 чааһынай сиэктэр олохтоохторун оҕолоро үөрэнэр кыахтаныахтара. Дьокуускай куорат нэһилиэнньэтэ сыллата улаата турарынан саҥа оскуола тутуута тыын суолталаах.
Мирослав Афанасьев, Дьокуускай куорат үөрэҕириитин салалтатын начальнигын солбуйааччы: «"Үөрэҕирии" национальнай бырайыак көмөтүнэн тутулла турар оскуола. 29 оскуолаҕа пристрой тутулла турар, эбии Пирогова аадырыска коррекционнай оскуола».
Оскуола тас сиригэр спортивнай уонна оонньуур былассаакалар тутуллуохтара, билигин тупсарыы үлэлэрин номнуо саҕалаан үлэ ыытыллар.
Дмитрий Поисеев, тутар тэрилтэ салайааччытын солбуйааччы: «Бу күннэргэ үлэ бэлэмэ 62%. Бу нэдиэлэттэн ис оҥоһуутун саҕалаатыбыт».
Кыраапык быһыытынан тутуу үлэлэрэ сэтинньи, ахсынньы ыйдарга толору түмүктэниэхтээхтэр, онтон салгыы документация, ис үлэлэр, миэбэли таҥыы хаалар. Саҥа оскуола эһиил 2025 сылга саҥа үөрэх дьылын көрсө бэлэм буолуохтаах.