Куорат олохтоохторо оҕолорун саха тылынан иитэргэ болҕомто уураллар
Главное
-
27 ноября в 14:31"Языковое гнездо". В Олёкминском районе дети изучают эвенкийский язык
-
27 ноября в 14:15В Якутии принят закон о снижении ставок УСН для поддержки малого и среднего бизнеса
-
27 ноября в 14:00Жительница Якутии вышла в финал Всероссийского музыкального проекта "Голоса Героев"
-
27 ноября в 13:42Пострадавшие от паводка жители Якутии получат дополнительную помощь из федерального бюджета
Сахалыы саҥарар уруулуу узбек уола саха норуотугар улаханнык хайҕанна. Оятилло кыра сылдьан ийэтин кытта Саха сиригэр көһөн кэлэн олохторун манна оҥостоллор. Онтон ыла саха оскуолатыгар үөрэнэн, 4-с кылаастан саха тылын үөрэтэн саҕалаабыта. Чугас доҕотторо төрөөбүт тылларын билбэттэр, оттон кини хас биирдии киһи төрөөбүт тылын билиэхтээх диэн суолу тутуһарын иһитиннэрдэ.
Оятилло Тешебаев, Дьокуускай куорат олохтооҕо: «Элбэх киһи сахалыы билбэт. Кыралаан сахалыы саҥарарга үөрэнним. Ыарахан этэ. Миигин тулалыыр буолан кыралаан үөрэнним».
Түүр тыллаах омуктар баҕалаах буоллахтарына ылсан түргэнник үөрэниэхтэрин сөп диэн сүбэлээтэ. Кини бэйэтэ күннээҕи олоҕор көрсөр дьонтон саҥа истибит, билбит тылын сурунан үөрэтэн иһэр. Оннооҕор билиҥҥи кэмҥэ туттуллубат буолбут сомоҕо домоҕу туттан, олохтоохтору сөхтөрдө.
Эдэр дьиэ кэргэн билигин сахалыы ааты ылынан, оҕолорун эмиэ сахалыы ааттыырга кыһаналлар. Үөһээ Бүлүү улууһуттан сылдьар Федотовтар дьиэ кэргэн бу туһунан бэйэлэрин санааларын кэпсээтилэр.
Пётр Федотов, Үөһээ Бүлүү олохтооҕо: «Атын араас омуктар кэлэн саха тылын үөрэтэллэрэ биһирэмнээх дьыала. Ыччаттар саха тылын үөрэтэ сатыыллар. Оҕолорбутун сахалыы иитэбит, Кэскил диэн сахалыы ааттаах. Оятилло саха тылын үөрэтэрин кэрэхсээтибит».
Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээссийэлии үнүбэрсиэккэ билигин үгүс устудьуон саха тылын үөрэтэ диэн араас муннуктан мустар. Саха тылын хаапыдырата хаһыс да сылын тэҥнии тутан үөрэтэр бөлөҕөр улахан куонкуруһу ааһан киирэллэр. Кыргыз кыыһын туһунан бииргэ үөрэммит доҕотторо кэпсээтилэр.
Константин Шарин, киин тутар хамыыһыйа үлэһитэ: «Бермет үөрэнэ киирэригэр саха тылын билбэт этэ. Саха тылын, култууратын билээри киирбитэ. Үөрэҕин түмүгүнэн сахалыы ыраастык саҥарар, оҕолору кытта кэпсэтэр уонна салгыы үлэлэһиэ диэн эрэнэбит».
Тылы чинчийэр үнүстүүт бэлиэтииринэн саха тылын туттуу сылтан сыл элбээн иһэр. Бу үчүгэй көрдөрүү, ол эрээри көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тириэрдии кыһалҕа билигин сытыырхайан турар.