Улуустааҕы баһаарынай сулууспалар саҥа тиэхиньикэни туттулар
Главное
-
27 ноября в 15:01В Якутске организована бесплатная установка пожарных извещателей в домах и квартирах многодетных семей
-
27 ноября в 14:31"Языковое гнездо". В Олёкминском районе дети изучают эвенкийский язык
-
27 ноября в 14:15В Якутии принят закон о снижении ставок УСН для поддержки малого и среднего бизнеса
-
27 ноября в 14:00Жительница Якутии вышла в финал Всероссийского музыкального проекта "Голоса Героев"
Үөһээ-Бүлүү улууһун баһаарынай сулууспатын биир тутаах үлэһитэ Олимпий Харлампьев үөрүүлээх быһыыга-майгыга саҥа тиэхиньикэ күлүүһүн бырабыытылыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччытын Дмитрий Садовников илиититтэн тутар. Күн бүгүн Саха сирин 3 баһаарынай чааһа сабыс-саҥа массыыналары туттулар.
Олимпий Харлампьев, Үөһээ Бүлүү улууһун 12-ис баһаарынай этэрээтин салайааччыта: «Автолестница диэн буолар. Маннык тиэхиньикэ саҥа кэллэ Үөһээ Бүлүүгэ, онон үөрүүбүт үгүс. Бырабыытылыстыба өттүттэн уонна Ил Дархаммыт өттүттэн бырагырааманан улахан дьиэлэр тутулла тураллар, хас сыл аайы эбиллии буолар. Сайдыыга эппиэттэһэр курдук бу тиэхиньикэ ылбыппытыгар ис сүрэхпиттэн махтанабын».
Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһаары утары сулууспа материальнай-техническай баазатын саҥардыы бырагырааматынан уонна норуоттар икки ардыларынааҕы "Азия оҕолоро" ыытыллыытын чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ бүдьүөтүттэн үп тыырыллан бу толору аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир тиэхиньикэлэр атылаһыннылар.
Дмитрий Садовников, СӨ бырабыытылыстыбатын бэрээссэдээтэлин солбуйааччы: «Биһи баһаар утарар сулууспабытыгар тиэхиньикэ биэрэбит. Ол курдук бырагыраама оҥоһуллан 570 мөл. солк. суумалаах 50-тан тахса тиэхиньикэни биэрдибит. Бу 3 тиэхиньикэ аҥардас 90-тан тахса мөл. суумалаах. Балар Үөһээ Бүлүү, Сунтаар уонна Таатта улуустарыгар барыахтара».
Онон күн бүгүн Үөһээ Бүлүүлэр, Сунтаардар уонна Татталар саҥа күлүүстэри тутан саамай үөрдүлэр. Саҥа тиэхиньикэ чахчы бу аныгы кэм ирдэбилигэр толору эппиэттиир, ону бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ мустубут дьон илэ харахтарынан көрдүлэр.
Манна биллэн туран, саамай үөрбүт дьон суоппардар. Тутатына тимир көлөнү ыытааччылар саҥа тиэхиньикэлэрин бэрийбитинэн бараллар. Таатта улууһун баһаарынай чааһын суоппара Герман Данилов маннык кирилиэстээх тиэхиньикэ Таатта улууһугар дьэ баар буолла диэн үөрүүтун үллэстэр.
Герман Данилов, Таатта улууһун баһаарынай чааһын суоппара: «Аныгы тиэхиньикэ үчүгэй бөҕө. Дьаһалтабытыгар махтанабыт».
Оттон Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһаарынай чаастарын саҥа тиэхиньикэнэн хааччыйар үлэ манан түмүктэммэт. Салгыы үлэ барыа. Манна даҕатан эттэххэ, Саха сирин үрдүнэн 153 баһаарынай чаас 232 нэһилиэнньэлээх пууну уоттан харыстыыр.