Дьокуускайга устудьуоннар тутар этэрээттэрэ үлэлии сылдьаллар

97

Сайыҥҥы үлэ семестра саҕаламмыта иккис ыйыгар барда, онон устудьуоннар тутар этэрээттэрэ үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Үгэс быһыытынан эдэр дьон олох-дьаһах араас эйгэтигэр 2-3 ый устата үлэлиэхтэрэ-хамныахтара. Сергей Попов тутар этэрээт хамандыыра, 18 устудьуону - олор истэригэр 9 оскуола оҕотун салайар. Бу куорат Киин уокуругар чуолаан кырааска үлэтин толороллор. Чернышевксай, Курашов уулууссаларыгар суол кытыытынааҕы тимир күрүөнү кырааскалыыр түбүгэр сылдьаллар.

Сергей Попов, тутар этэрээт командира: «Бу билигин «Острог» диэн бырайыакка 3 сезон буола турар. Бэс ыйын маҥнайгы күнүттэн саҕаламмыта. Сүрүн үлэбит кыраскалааһын буолар оттон бу иннинэ билиитэ уурааһына буолбута».

Айыына Куо Петрова Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университет юридическай коллеһын бастакы кууруһун бүтэрбит. Аан бастакытын тутар этэрээккэ киирбит, педэтэрээткэ баһаатайынан анаммыт.

Айыына Куо Петрова, ХИФУ юридическай факультетын устудьуона: «педэтэрээткэ киирэбин, баһаатайбын, саастарын ситэ илик оҕолору көрөбүн, көмөлөһөбүн».

Быйыл уопсайа 5 тыһыынча кэриҥэ үрдүк, орто үөрэх кыһаларын устудьуоннара өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар эрэ буолбакка, Арассыыйа эрэгийиэннэригэр тиийэ үлэлииллэр. Быйыл ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, сүүһүнэн элбэх ыччат тутуу, промышленность, онтон да атын хайысхаларга хабыллан үлэлиир. Ол курдук хас да хайысханан үлэ тэриллэр. Орто аахсар хамнастара 40 тыһыынчаттан тахса. Ону тэҥэ тустаах тутар этэрээттэр эмиэ бааллар. Холобура, устудьуоннар үөрэнэ сылдьар идэлэринэн үлэлиэхтэрэ. Сыллата буоларын курдук сүрүн үлэнэн тутуу эйгэтэ буолар.

Айсен Соловьёв, РФ устудьуоннарын тутар этэрээттэрин Саха сиринээҕи салаатын салайааччы: «70 киһи Намҥа, Өлүөхүмэҕэ халаан кэннэ үлэлэргэ кыттыахтара. Баһаатайдарбыт лааҕырга үлэлиэхтэрэ. Оскуола оҕолоро быйыл үлэнэн хааччыллыахтара».

Саха сиригэр устудьуоннар тутар этэрээттэрин хамсааһына 1968 сыллаахтан саҕаламмыта. Уонтан тахса сыллааҕыта 2011-гэ "Арассыыйатааҕы устудьуоннар тутар этэрээттэрэ" диэн ыччат уопсастыбыннай тэрилтэтигэр кубулуйан, биир бөдөҥ дойду экономикатыгар быһаччы сабыдыаллаах, сайдыыны уһансар хамсааһын буола тэнийдэ. Мэҥэ-Хаҥалас улууһуттан төрүттээх Артем Скрябин сибээс коллеһын устудьуона, кини үөрэҕин кыһатыттан уонтан тахсабыт, бары араас уокурукка үлэлиибит диэн этэр.

Артём Скрябин, сибээс коллеһын устудьуона: «Ыарахан буолбатах, өссө хаалаары былааннана сылдьабын».

Билиҥҥи туругунан устудьуоннар тутар этэрээттэригэр 150  тыһыынчаттан тахса ыччат үлэлээн ааста. 2016 сылаахтан устудьуоннар этэрээттэрин үлэлэрин үрдүктүк сыаналыыр сыаллаах, бастыҥ байыастарга Ил Дархан бириэмийэтэ олохтоммута. Онон сайыҥҥы кэми дьон-сэргэ туһа, тус бэйэҕэ даҕаны көдьүүстээхтик атаарарга кыах баар.