Дьиэ кэргэн күнүгэр төрөөбүт оҕолор ийэлэрин чиэстээтилэр
Главное
-
27 ноября в 15:01В Якутске организована бесплатная установка пожарных извещателей в домах и квартирах многодетных семей
-
27 ноября в 14:31"Языковое гнездо". В Олёкминском районе дети изучают эвенкийский язык
-
27 ноября в 14:15В Якутии принят закон о снижении ставок УСН для поддержки малого и среднего бизнеса
-
27 ноября в 14:00Жительница Якутии вышла в финал Всероссийского музыкального проекта "Голоса Героев"
17 ийэни сыанаҕа таһааран чиэстээтилэр. Бу күн кинилэр сүрүн болҕомто киинигэр буоллулар. Барыларын от ыйын 8-с күнэ олохторун тухары ситимниэҕэ.
27 саастаах Аэлита Алексеева номнуо 3-с оҕотун төрөөн элбэх оҕолоох ийэлэр ахсааннарыгар киирдэ. Уус Алдантан төрүттээх эдэр дьиэ кэргэн оҕону наһаа таптыыр уонна инникитин этэҥҥэ буоллахтарына, өссө элбэх оҕолонор былааннаахтар. Эдэр ийэҕэ доруобуйата бастакы миэстэҕэ турарын иһитиннэрдэ.
Аэлита Алексеева, элбэх оҕолоох ийэ: «Биһиги олус соһуччу Дьиэ кэргэн күнүгэр төрөөммүт бу үөрэн долгуйан олоробут. Биһиги бастакы оҕобут 3,5 саастаах, иккиспиит 1,5 уонна бу үһүс уол оҕобут».
Сааланы үөрбүт-көппүт халыҥ аймахтар, чугас доҕоттор толордулар. Сибэкки дьөрбөтө, шарик уонна убаастабыллаах быраастарга махтал тыллар киэргэттилэр. 2023 сыллаахха 8 оҕо биир күҥҥэ төрөөбүт эбит буоллаҕына, быйыл бу ахсаан икки төгүл элбээн, 9 уолу уонна 8 кыыһы бэлэхтээтэ. Мантан 6-та элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн үрдүк аатын сүктэ.
Сыл саҕаланыаҕыттан 5600 оҕо күн сирин көрөн нэһилиэнньэ ахсаанын дэлэттэ. Бу Дойду уонна өрөспүүбүлүкэ оҕону иитиигэ уонна дьиэ кэргэн сайдыытыгар улахан көмөнү уурарын туоһута. Билигин элбэх оҕолоохторго 300 тыыһынча, сүүс сыллаах оҕолорго 110 ттыһынча уоннат бастакы оҕоломмуттарга эмиэ туспа төлөнөр. Оҕону күн сиригэр көрдөрөр улахан үлэттэн, тулууртан тахсар диэн перинатальный киин сүрүн бырааһын солбуйааччыта кэпсээтэ.
Наталья Маркова, Өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕолонор киин сүрүн бырааһын солбуйааччы: «Элбэх оҕолоох ыал ахсаан элбээн иһэр. Киһи дьоло оҕоҕо буоллаҕа».
Саха сирин Уһук илин таһымыгар ылан көрөр эбит буоллахха, оҕолонууга бастакы миэстэҕэ турар, оттон Дойду таһымыгар эмиэ инники миэстэни баттаһар.
Татьяна Павлова, СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччыта: «Дьиэ кэргэн биһи уопсастыбабыт тирэҕэ буолар. Дьоллоох дьиэ кэргэн оҕолоох буолар».
Ийэлэргэ "Арассыыйа ийэлэрэ" түмсүү бэрэссэдээтэлэ, Дьокуускай куорат баһылыга уонна доруобуйа харыстабылын миниистиэрэ бэлэх туттарда.