Көҥүлэ суох сөтүөлүүр сиргэ оҕо тимирдэ
Главное
-
27 ноября в 15:01В Якутске организована бесплатная установка пожарных извещателей в домах и квартирах многодетных семей
-
27 ноября в 14:31"Языковое гнездо". В Олёкминском районе дети изучают эвенкийский язык
-
27 ноября в 14:15В Якутии принят закон о снижении ставок УСН для поддержки малого и среднего бизнеса
-
27 ноября в 14:00Жительница Якутии вышла в финал Всероссийского музыкального проекта "Голоса Героев"
203 түөлбэҕэ буолбут ууга быһылаан бүтүн өрөспүүбүлүкэни тилийэ көттө. Төһө да бобуулааҕын үрдүнэн манна уонунан эрэ буолбакка тыһыынчанан киһи кэлэн сөтүөлүүр.
Ыар сонун утуу-субуу социальнай ситимнэринэн тарҕанан, Сахабыт сирин бары кэриэтэ олохтооҕор тиийбитэ. Бу күн 30-ча кыраадыс өҥүрүк куйаас күн туран, үгүс дьон уугу чөмпөлөнөн, сөрүүкүүр сири көрдөөн Өлүөнэ өрүс тардыытыгар 202-с, 203-с дьоҕус түөлбэлэргэ сөтүөлүү барбыттара. 203-с түөлбэҕэ төһө да сөтүөлүүр көҥүллэммэтэр, бу манна дьон сөбүлээн сылдьар сирэ. Бу манна "Восвод" бүтүн Арассыыйатааҕы ууга быыһыыр уопсастыбыннай сулууспа быыһааччыта Артур Сидоров үлэлиир. Кини ол күнү бу курдук кэпсиир.
Артур Сидоров, "ВОСВОД" бүтүн дойдутааҕы ууга быыһыыр уопсастыбыннай сулууспа быыһааччыта: "Биир оҕо умсан баран тахсыбатаҕын туһунан эппиттэрэ. Онуоха эппит сирдэринэн ачыкылаах, ластылаах киирэн көрдөөбүппүт. Дьаама сир эбит, ону таас ыла-ыла умсан киирбиппит. Уу анна сүүрүгэ суох буолан туох да көстүбэт буолан кыайан булбатахпыт".
Саха өрөспүүбүлүкэтин быыһыыр сулууспатын водолазтара кэлэн, 40-ча мүнүүтэ көрдөөн, булан таһаарбыттар. Бу быйыл оҕо ууга тимириитин бастакы түбэлтэтэ буолбатах.
Василий Тарский, СӨ быыһыыр сулууспатын салайааччытын бастакы солбуйааччы: "Бу сацын биһиги водолазтарбыт ууга 23 ирдиир-көрдүүр үлэни ыыттылар. Итинтэн биир ууга түһүү көстө илик. Манна иккитэ сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор".
Хомолтолоох статистика күн-түүн эбиллэн иһэр. Быыһыыр сулууспа сэрэтэр-өйдөтөр үлэни күннэтэ ыытар. Биир оннук түгэҥҥэ биһиги устар бөлөх түбэһэ биэрдибит. Бу сырыыга быыһааччылар үөрэтэр анал видеону уста сылдьаллар.
Лана Ильинова, СӨ быыһыыр сулууспатын пресс-сэкирэтээрэ: "Сайыҥҥы лааҕырдарга ууга сэрэхтээх буолуу туһунан тиһигин быспакка ыытабыт. Тэлэбиидэнньэ, социальнай ситим нөҥүө өйдөтөр, сэрэтэр роликтары тарҕатабыт".
Онтон бу ГИМС инспиэктэрдэрин күннээҕи үлэлэрин хартыыната. Эмиэ өйдөтүү-сэрэтии үлэтэ тохтобула суох ыытыллар. Төһө да тустаах үлэ бардар ууга тимирии статистиката аччаабат.
Татьяна Степанова, ЫБММ Саха сиринээҕи салаатын уу эбийиэктэригэр сэрэхтээх буолууну хааччыйар салаа салайааччытын солбуйааччы: "Дьон ууга сэрэхтээх буолалларыгар туһулаан ГИМС иниспиэктэрдэрэ холбоһуктаах рейдэлэри ыыталлар. Сынньанааччылары кытта кэпсэтии үлэтэ барар. Улахан болҕомто оҕолорго ууруллар. Ону тэҥэ суудунанан сылдьааччылары бэрэбьиэркэлииллэр".
Кылгас сайыннаах, өҥүрүк куйаастаах Сахабыт сиригэр анал сөтүөлүүр сир тиийбэтэ хомолтолоох. Ол эрэн, хас биирдии киһи мээнэ түбэһиэх сиргэ киирбэккэ, сэрэнэн-сэрбэнэн сырыттаҕына сатанарын өйдүүр тустаахпытын быыһааччылар өссө биирдэ санаталлар.