Хатас лааҕырыгар оҕолор кучу чэйи оҥороллор
Главное
-
27 ноября в 15:01В Якутске организована бесплатная установка пожарных извещателей в домах и квартирах многодетных семей
-
27 ноября в 14:31"Языковое гнездо". В Олёкминском районе дети изучают эвенкийский язык
-
27 ноября в 14:15В Якутии принят закон о снижении ставок УСН для поддержки малого и среднего бизнеса
-
27 ноября в 14:00Жительница Якутии вышла в финал Всероссийского музыкального проекта "Голоса Героев"
Чэй амтана тупсаҕай буоларыгар хатарыы улахан суолталаах. Онон "Дьулуур" лааҕыр оҕолоро бэйэлэрэ үргээн аҕалбыт сэбирдэхтэрин аны сөпкө хатарын хонтуруоллууллар. Сүмэтэ көтөн хаалбакка, мэһийэргэ барсар гына куурарын ситиһээри сотору сотору эргитэн биэрэллэр. Бу үргээн аҕалбыт 25 киилэ сэбирдэхтэриттэн 2 эрэ киилэ чэй оҥорор бороһуок тахсар.
Хатас агро оскуолата быйыл үһүс сылын кучу чэй оҥоруутунан дьарыктанар. Маныаха анаан мыраан үрдүгэр сирдээхтэр. сибэкки эбииликтээх оҥорор буоланнар от ыйын саҥатыгар хомуйар табыгастааҕын этэллэр. Сэбирдэх биир күн хатарыллан баран салгыы оҥорон таһаарыыга барар эбит буоллаҕына сибэккитэ өр хатар.
Сайнаара Попова, "Дьулуур" үлэ-сынньалаҥ лааҕырын иитиллээччитэ: "Сибэккибитин 60 кыраадыска үс күн устата хатарабыт. Бу сибэккини чэйгэ куттаххына минньигэс амтаны биэрэр".
Оттон кучу сибэккитин лааҕыр кыргыттара сыыс отуттан ыраастаан, чэйгэ кутарга сөптөөх гына араартаан баран хатарар тэрилгэ тэлгэтэллэр. Мүөт курдук минньигэс амтанын сүтэрбэккэ куурарыгар уһун кэмнээх үөрэтии, алгас кэннэ таппыттар. Бу кыргыттар кыһыҥҥы өттүгэр чэйи оҥоруу теориятын иҥэринэллэр, саҥа арыйыыларынан, чинчийиилэринэн научнай-практическай конференцияларга кытталлар. Кыс устата иҥэриммит билиилэрин практикаҕа чиҥэтэллэр.
Регина Слепцова "Дьулуур" үлэ-сынньалаҥ лааҕырын иитиллээччитэ: "Биһиги үс көрүҥ чэйи оҥоробут. Кучу чэй, сибэккилээх кучу чэй уонна дөлүһүөннээх чэй".
"Дьулуур" үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар хас сезон ахсын 20 оҕо сылдьар. Бастакы түһүмэхтэр сибэкки рассадатын олордон нэһилиэнньэҕэ атыыга таһаарбыттар. Оттон иккис сезоннар чэй оҥоруутугар күүскэ ылсаллар. Тоҕо диэтэр быйылгы былаан былырыыҥҥыны куоһарыахтаах. Ааспыт сыл оҕолор 4 тыһыынча устуука чэйи бэлэмнээбиттэр.
Айыына Барашкова "Дьулуур" үлэ-сынньалаҥ лааҕырын иитиллээччитэ: "Бэҕэһээ лааҕырынан кучу оту хомуйбуппут уонна бүгүн хатара сылдьабыт. Кучу чэйи оҥорууга биһиги лааҕырбытынан кыттыһабыт".
Үлэ-сыыньалаҥ лааҕыра буоларынан оҕолор күҥҥэ икки чаас бу курдук үлэлииллэр. Кинилэр эбээһинэстэригэр чэй оҥоруутун бары түһүмэҕэр кыттыы уонна оскуола таһынааҕы үүнээйигэ уу кутуу киирэр. Үөрэнээччилэр күҥҥэ үстэ аһыыллар. Сезон бүтүүтэ хамнас аахсаллар. Онон манна үлэлии үөрэнэри таһынан, олохтоох оҥорон таһаарыыга баай уопуту иҥэринэн тахсаллар.
Николай Матвеев, Хатас агро оскуолатын үөрэх уонна оҥорон таһаарыы салаатын сэбиэдиссэйэ: "Биһиги лааҕырбыт сылы эргиччи үлэлиир. Үөрэх кэмигэр 2-3 оҕону ылабыт. Биһиэхэ нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуу киинэ көмө буолар. Кинилэри кытта тэҥҥэ үлэлэһэн оҕолор хамнастарыгар эбии гынабыт. Быйылгы саҥа сүүрээммитинэн муоруспут буолар. Докумуона бэлэм буолла, онон күһүн “Көмүс күһүн” дьаарбаҥкаҕа кыттыахпыт. Маны сэргэ ис миинин саҥа бырайыага баар".
Мантан салгыы сир аһа ситтэҕинэ муоруска отоннуохтара, чэйгэ дөлүһүөн хомуйуохтара. Оттон муҥха кэмэ буолла эрэ Хатас оскуолата собо миинин оҥоруутун саҕалыа, идэһэ өллөҕүнэ убаһа этиттэн кэнсиэрбэлиэхтэрэ.