Мэҥэ-Хаҥалас педагогическэй дьаарбаҥкатыгар 31 улуустан учуутал, уһуйааччы идэлээхтэр муһуннулар
Главное
-
26 ноября в 15:05В Якутию с рабочим визитом прибыла руководитель комитета семей воинов Отечества Юлия Белехова
-
26 ноября в 14:37Соболь, песец и лисица. Звероводческие хозяйства Якутии наращивают производство пушнины
-
26 ноября в 14:1015 тысяч кубов снега вывезено из Якутска на специальный полигон
-
26 ноября в 13:08Более 30 тысяч обращений жителей Якутии принято филиалом госфонда "Защитники Отечества"
Бу күннэргэ Майа сэлиэнньэтигэр 20-с төгүлүн ыытыллар педагогтар өрөспүүбүлүкэтээҕи дьаарбаҥкаларыгар ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттары уруйдуу көрүстүлэр. Манна Сахабыт сирин бары улуустарыттан үүнэр кэнчээри ыччаппытын билиигэ-көрүүгэ сирдиир учуутал, уһуйааччы идэлээхтэр муһуннулар. «Тыа сирин оскуолата уонна үөрэхтээһин маарката» диэн ааттаммыт үс күннээх дьаарбаҥка от ыйын 8 күнүттэн киэҥ бырагырааманан үлэтин саҕалаабыта. Оттон от ыйын 9 күнүгэр, тэрээһин үөрүүлээх аһыллыыта буолан ааста диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун «Эркээйи» хаһыата иһитиннэрэр. Үөрүүлээх арыллыы туһунан СӨ үөрэҕин уонна билимин миниистирэ Нюргуна Соколова иһитиннэрэр.