От үүнүүтэ быйыл мөлтөх

82

Сотору ходуһа устун хотуур, тыраахтыр тыаһа тигиниэ. Саха сирин үрдүнэн  быйылгы от былаана 435 тыһыынчаттан тахса туонна, маны тэҥэ 29 тыһыынча туонна сиилэс, 14,5 тыһыынча кэриҥэ туонна сенаж бэлэмниир сорук турар. Бүгүҥҥү күҥҥэ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ улуустартан оттооһуҥҥа билгэлээһин көрдөрүүтүн хомуйар. Ол курдук нэһилиэктэр оттуур сирдэрин, ходуһаларын көрөллөр, от үүнүүтүн бэрэбиэркэлииллэр.

Вячеслав Гаврильев, СӨ ТХМ үүнээйигэ, сир салааларыгар департаменын салайааччы: "Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 92сылыктаан олоробут. Холобур, Чурапчы улууһа 50% уонна Өлүөхүмэҕэ 77%. Сүрүннээн киин улуустар диир буоллахпытына, онно 20% от бэлэмнэнэр эбит, оттон Илин Эҥээр оройуоннарга 40%, Бүлүү бөлөххо 26% уоннааҕыта атын улуустарынан тыырыллан олорор".

Былырыын хаһааҥҥытааҕар даҕаны үтүө, өҥ сайын туран, кыстыкка киириигэ былааннаммыт от барыта оттоммута. Ол курдук ааспыт сайын өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 463 тыһыынчаттан тахса от оттонон, былаан сүүс биир бырыһыан туолбута. Маныаха элбэх оту ыраах сытар сирдэринэн, улуустарынан көҥүл хотуур уонна дьоҕус биригээдэлэр оттообуттара. Быйыл бу хайысхаҕа үлэ салҕанара күүтүллэр. Маныаха үүнэр кыстыкка сүөһүгэ дороххой аһылык хаһаас фондатын тэрийэр сыаллаах мобильнай биригээдэлэр ороскуоттарын толуйууга үп көрүллүөхтээх.

"Сылыктааһын түмүгүнэн хаһаайыстыбалар улуус Тыа хаһаайыстыбатын салалтатыгар сайаапка түһэрэллэр. Онтон улуустан министиэристибэҕэ түһэр. Бу түмүгэр үбүлээһин барар".

Үлэни эрдэттэн сөпкө тэрийдэххэ эрэ, туруоруллубут былааны ситиһиэххэ сеп. Онон отчуттар күн бүгүн балаһыанньа хайдах-туох буоларын суоттуу-учуоттуу сылдьаллар. Ол эрэн ордук тыа хаһаайыстыбатын салаата хайдах күн-дьыл турарыттан быһаччы тутулуктанар. Ыам, бэс ыйдарыгар аанньа ардах түспэккэ, курааннаата, от да ыйа улахан сөҥүүтэ суох буолара сабаҕаланар. Онон былааннаммыт оту бары күүһү-кыаҕы ууран туран булунар сорук турар. Эбиитин ойуур баһаардара эмиэ улахан кутталы үөскэтэллэр. Аҕыйах сыллааҕыта өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн икки тыһынчаттан тахса тонна от уокка былдьанан улахан хоромньу тахсыбыта. 

"Быйылгы дьылга оттооһун хампаанньата уустук буолара күүтүллэр. Ол курдук от үүнүүтэ быйыл мөлтөх. Онон от былаанын толоруу кэккэ күчүмэҕэйдээх буолуо диэн сабаҕалыыллар. Ол эрээри хас биирдии улууска, нэһилиэккэ былааннаммыт оту оттуур соруктаахтар. Маныаха суһал оперативнай ыстааптар тэриллэн үлэлиэхтэрэ, балаһыанньаны хонтуруоллуохтара", - диэн корреспондент Татьяна Николаева иһитиннэрэр.