"Юность" стадиоҥҥа оҕунан ытыыга түмүктүүр киирсиилэр ааһаллар
Главное
-
27 ноября в 15:01В Якутске организована бесплатная установка пожарных извещателей в домах и квартирах многодетных семей
-
27 ноября в 14:31"Языковое гнездо". В Олёкминском районе дети изучают эвенкийский язык
-
27 ноября в 14:15В Якутии принят закон о снижении ставок УСН для поддержки малого и среднего бизнеса
-
27 ноября в 14:00Жительница Якутии вышла в финал Всероссийского музыкального проекта "Голоса Героев"
Ытыалаһыы нууччалыы, охчуттар тылларынан эттэххэ "перестрелка" тыҥааһыннаах сөкүүндэлэрэ "Юность" стадиоҥҥа. Биһиги Өрөспүүбүлүкэбит 1 сүүмэрдэммит хамаандатын спортсменнара Кристина Дрозд уонна Вова Ким Сибиир федеральнай уокуругун хамаандатын кытары күөн көрсөллөр.
Биһиги охчуттарбыт бэйэлэрин туруктара да уонна бэйэлэрин истиэнэлэрэ да көмөлөһөннөр күүстээх утарсааччыларын, тыҥааһыннаах ытыалаһыыга кыайдылар. Тренердэр, ыалдьааччылар да Манна даҕатан эттэххэ, Кристина Дрозд Алдан оройуонун биир бастыҥ охчута, Вова Ким Дьокуускай оҕун оскуолата.
Владимир Ким, Саха сирин I-кы сүүмэрдэммит хамаандатын охчута: «На перестрелке было очень волнительно, но мы себя пересилили и выиграли этот спаринг».
Кристина Дрозд, Саха сирин I-кы сүүмэрдэммит хамаандатын охчута: «Мы показали очень хороший результат, не смотря на ветер и погодные условия. Эмоции зашкаливают и немного волнения присутвовало».
Оҕунан ытыыга күрэхтэр от ыйын 2 күнүттэн саҕаламыттара. Аан бастакынан күөн көрсүһүүлэр, ол эбэтэр спариннар барбыттара. Саамай кыра очко ылааччылар тутатына сыыйыллан испиттэрэ. Оҕунан ытыыга биллэн туран халлаан туруга улахан оруолу ылар. Оттон бу күннэргэ, спортсменнар да, тэрийээччиллэр бэлиэтииллэринэн чуумпу күннэр турбуттар.
Саха сирин спортсменнара бу көрүҥҥэ элбэхтэр. Бастакы уонна иккис хамаандаттан охчуттар бэйэлэрэ төһө кыахтаахтарынан кытынныллар. Кинилэри улахан тренерскэй састаап эрчийбит.
Надежда Спиридонова, Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын охчуттарга старшай тренерэ: «Хамаанданы Сунтаар, ЦСП, УОР старшай тренердэрэ эрчийбиттэрэ. Бүгүн күн-дьыл турда, наһаа үчүгэй».
Уопуттаах, сүрүн тренер биллэн туран мээнэҕэ эппэт. Спорт диэн спорт. Холбура, бу күрэххэ Өрөспүүбүлүкэҕэ оҕунан ытыы меккатын Горнай улууһун хамаандата хотторуу хомолтотун биллэ, ол эрэн маннык улахан аан дойду таһымнаах күрэххэ кыттыы улахан уопуту аҕалла диэн тренер Бурцев санаатын үллэстэр.
Константин Бурцев, Горнай улууһун оҕунан ытыыга старшай тренерэ: «Дьиҥинэн сүүмэрдээһини ааһан бэлэмнээхтэр, гынан баран уопсайынан долгуйууларын кыайан тулуйбатылар. Саҕаланыытыгар үчүгэйдик ыппытара. Ол да буоллар оҕолорго улахан уопут, маннык аан дойдутааҕы күрэхтэһии кинилэргэ кылаастарын үрдэтэллэригэр өссө биир хардыы дии саныыбын».
Оҕунан ытыы күрэҕэ күн бүгүҥҥүнэн түмүктэнэр. Бүгүн киэһээ кыһыл, үрүҥ көмүс уонна боруонса мэтээллэр хаһаайыттара ким буолуохтарын билиэхпит.