Саха сирин үгүс улуустарыгар куйаас күннэр сатыылаан тураллар
Главное
-
27 ноября в 15:01В Якутске организована бесплатная установка пожарных извещателей в домах и квартирах многодетных семей
-
27 ноября в 14:31"Языковое гнездо". В Олёкминском районе дети изучают эвенкийский язык
-
27 ноября в 14:15В Якутии принят закон о снижении ставок УСН для поддержки малого и среднего бизнеса
-
27 ноября в 14:00Жительница Якутии вышла в финал Всероссийского музыкального проекта "Голоса Героев"
Мария Ефимова оҕолорун кытта куорат пляһыгар итии күннэр буоллулар да кэлэн булгуччу сөтүөлүүр. Халлаан итийэн эрдэ тохтуу сылдьан баран дьэ кэлэн дуоһуйа ууга сөрүүкүүбүт диэн этэр.
Мария Ефимова, Дьокуускай олохтооҕо: «Итии күн буолан кэллибит. Итии күҥҥэ душ, бэнтилээтэр уонна халыҥ түннүк сабыыта».
Киин куорат ууллуох итиитэ. Дьон бары күлүк сири былдьаһар. Маннык сырылатар куйааска ким тымныы утах, мороженай сиэн, ким сөтүөлээн, ким көннөрү дьиэҕэ олорон быыһанар. Дьокуускай пляһа бэс ыйын 17 күнүттэн арыллан үлэлиир. Дьон куттала суох сынньанарыгар тустаах усулуобуйа баар, быыһааччылар күн устата дьуһуурустубалыыллар, сэрэтии үлэтин ыыталлар.
Геннадий Алексеев, СӨ быыһыыр сулууспатын ыксаалаах быһыыга-майгыга өйдөтөр-сэрэтэр үлэҕэ салаатын начальнига: «Биһи манна кэлэн ууга сэрэхтээх буолуҥ диэн лиистэри түҥэтэбит уонна атын өрүттээх үлэни ыытабыт».
Дьон сөрүүкээри дьиэ кэргэнинэн, оҕолорун кытта көхтөөхтүк кэлэллэр. Сайыммыт бэйэтэ да кылгас. Онон дьон күҥҥэ сыламнаан, загардаан, дуоһуйар-сынньанар. Бэйэтэ сахалыы эмчит, илбиһит Нууралдьыйа сиэнин сөтүөлэтэ кэлбит. Күн сылааһын иҥэринии ыксаабакка, сыыйа ылыллыахтаах диэн бар дьоҥҥо сүбэлиир.
Нууралдьыйа Макарова, сахалыы эмчит, Дьокуускай олохтооҕо: «Дабылыанньа, тымыр кыарааһына барыта эмискэ оҥорууттан. Тиритэн баран ууга ыстаныыттан эбэтэр күүстээх күҥҥэ харыстаммакка эрэ сытыыттан».
Итиигэ сүрэх ыарыылаахтарга, дабылыанньалаахтарга, саастаах дьоҥҥо, кыһыл оҕолорго, хат дьахталларга ордук ыарахан. Нэһилиэнньэ ортотугар маннык итии күннэргэ инфарктааһын, дабылыанньа үрдээһинэ эбиллэр.Онон итииттэн, күнтэн хайаан да харыстанар наада.
Наталья Андреева, СӨ 3№-дээх балыыһатын терапевт бырааһа: «Итии күҥҥэ харыстанан төбө саптыахха наада, чараас таҥас уонна уу иһиэххэ наада. Киһи этин сөрүүкэтиэн наада хайаан даҕаны».
Маны тэҥэ, итии күннэргэ таһырдьа ноҕоруускалаах үлэттэн туттунар ордук, итиэннэ ыксаабакка, ыгылыйбакка, холкутук сылдьар табыгастаах. Бу күннэргэ чэппиэригэ диэри Саха сирин сорох улуустарыгар бэрт куйаас күннэр туоруохтара, салгын температурата 37 кыраадыска диэри тахсыаҕа, онтон сорохторго, этиҥнээх ардах, тыаллаах күн-дьыл турара сабаҕаланар.